Тукулааҥҥа айаннаа — 3 мөлүйүөн солкуобайы сүүй!

Хаартыска: Саха сирэ саайтан

«Дальний Восток — Земля приключений» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус салҕанар. Бу куонкуруска кыайбыт киһиэхэ 3 мөлүйүөн солкуобай бириистээх.

Куонкуруска биир да күннээх айаҥҥа сылдьан баран, видеоҕа устан, кыттаҕын. Холобур, былырыыҥҥы кыайыылаах Алиса Слыщенко Камчаткаҕа «Зеленый» хомоҕо биир күннээх айанын устан ыытан, кыайбыта.

Саха сиригэр интэриэһинэй сирдэр элбэхтэр — Буотама, Өлүөнэ очуостара, Күрүлүүр, Булуус, Туруук Хайа, о.д.а.

Оттон кумах тукулааннарга айан эмиэ олус интэриэһинэй. Тукулааннарга сылдьар туристар элбээн иһэллэр. Күөх тайҕа ортотугар кумах тукулаан соһуччу көстөр.

Киинэ уһуна 8 мүнүүтэттэн уһун буолуо суохтаах. Айаҥҥа мотуордаах тиэхиньикэ туһаныллыа суохтаах. Киинэҕэ кыттааччы бэйэтэ уһуллуохтаах уонна саҥата иһиллиэхтээх. 10 саастарыттан саҕалаан, кыттыахха сөп. Оннооҕор төлөпүөҥҥэ устан кыттыбыт дьон кыайбыттара.

Сиһилии куонкурус путешественникдв.рф  саайтыгар киирэн, сиһилии билсиҥ.

2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри урут да сылдьыбыт айан туһунан киинэ оҥорон, кыттыахха сөп.

This post was published on 27.06.2024 11:33 11:33