Туймаада ыһыаҕар «Сандалы» түһүлгэҕэ сахалыы баахыланы түргэнник сиэһиҥҥэ куонкурус буолуоҕа.
Кыттааччыларга үстүү мүнүүтэ биэриэхтэрэ, ол туһунан ыалдьыты көрсүү Ассоциацията иһитиннэрдэ.
««Остуол туйгуна» куонкурус – бэһиэлэй уонна дьон көҕүн тутар тэрээһин. Туймаада ыһыаҕын ыалдьыттара сахалыы баахыланы кытта билсиэхтэрэ уонна ураты күрэхтэһиигэ кыттыахтара. Туристар болҕомтолорун тардыаҕа дии саныыбыт», — диэтэ Ассоциация бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова.