Туймаада туонатыгар ыһыллыбыт ыһыахха хотуттан-соҕурууттан ыалдьыт бөҕө тоҕуоруйда. Кинилэр ортолоругар Сэбээн Күөлүттэн төрүттээх Клаудиа Лизуну кытта бааллар.
Кумахтаах күөл аттыгар табалаах кыысчаан олорорун көрөн чугаһаатым. Кыыс долгуйбут куолаһынан кинилэргэ өссө чугас кэлбэппэр көрдөстө.
Таба сынньана сытар кэмэ эбит. Хаһаайката туундара маанылаах кыылын манаан олорор. «Аны соһуйан туран кэлиэҕэ. Лизун (таба аата) сарсыарда 9 чаастан үлэлээн сылайда, мин эмиэ«, — диэн кыыс кэпсээтэ.
Клаудиа Кривошапкина Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөлүттэн төрүттээх. Кини быйыл Нерюнгри Арктикатааҕы орто оскуолатын бүтэрбит. ХИФУ-га психология институгар туттарса сылдьар.
— Психолог буолуохпун баҕарабын. Кыра эрдэхпиттэн ыстаада оҕотобун. Табаны наһаа сөбүлүүбүн. Ол иһин сайыҥҥы кэмҥэ Нам Хомустааҕар олорор таба иитээччи дьонтон үлэ көрдөөбүппэр, бу бастакы сорудахпын биэрбиттэрэ. Дьонум хомустаахтары кытта кинилэр пааркаҕа табаларынан дьону хатааһылата сырыттахтарына билсибиттэр этэ. Онтон салгыы кэпсэтэн, Хомустаах олохтоохторо дьоммуттан Сэбээнтэн эбии таба атыыласпыттар. Инньэ гынан дьонум кинилэри ыйан биэрэн, хата мин үлэлэнэн хааллым.
Лизун — Эбээн Бытантай табата. Кыратык сынньана түһэн баран, иккиэн эмиэ үлэлии барыахтара. Клаудиа мин диэки хап-харанан чоҕулуччу көрөн кэбистэ.
This post was published on 27.06.2016 10:57 10:57