Ыһыах кэмигэр саха иистэнньэҥнэрэ биирдии миэтэрэ иэннээх 1224 лоскуйтан турар аарыма олбоҕу тигэн, тэнитэн көрдөрүөхтэрэ. Бу «Саха таҥаһа» уопсастыбаннай түмсүү көҕүлээһининэн тигиллибит, 32 миэтэрэ усталаах, 32 миэтэрэ туоралаах, сиэдэрэй көстүүлээх Аар олбоҕу өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр түмүллэн тиктилэр.
Аарыма олбоҕу аттаран таһаарыахха диэн ыҥырыыны истээт, өрөспүүбүлүкэ иистэнньэҥнэрэ көхтөөхтүк өйөөн, тута ыйыы-кэрдии ылан, ылсыбытынан барбыттар. Бэл диэтэр, ыраах Тиксииттэн көтөр аалынан ыыппыттар, Ленскэйтэн, Бүлүү умнаһын, киин, илин эҥэр улуустарыттан тиксэрбиттэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 1000 кэриҥэ маастар кыттыбыт.
Онон, чахчы да, норуот түмсүүлээҕэ, сырдыкка-үтүөҕэ тардыһыылааҕа, кэрэни тарҕатар баҕалааҕа манна көһүннэ! Ким да күһэйиитэ суох, баҕа өттүлэринэн ылсан, бу сөҕүмэр үлэ оҥоһулунна. Идиэйэтин иистэнньэҥ Светлана Максимова өр сылларга иитиэхтээн сылдьыбыт. Олбох эскиһин түмсүү актыыба оҥорбут. Ортотугар “Саха таҥаһа” түмсүү логотибын – 3х3 миэтэрэ иэннээх көҕүөр ойуу курдук быһыылаах Далбар Хотуну тиктилэр.
Бүппүтүн кэннэ иистэнньэҥнэр олбохторун бэйэлэригэр ылаллар. Үгүс иистэнньэҥнэр олбоҕу икки өттүн киһи сөҕүөх курдук сиэдэрэйдик симээн, киэргэтэн тикпиттэр. Ол эбэтэр кэлин да икки өттүнэн эргитэ сылдьан туһанар курдук. Кыттыбыт иистэнньэҥнэргэ барыларыгар сертификат туттарыллар.
Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, “Саха таҥаһа” уопсастыбаннай түмсүү чилиэнэ Марфа Шарина этэринэн, умнууга хаалаары гыммыт, өбүгэлэртэн кэлбит ытык малы сөргүтүү, тарҕатыы, күннээҕи олоххо киэҥник туһанылларын ситиһии буолар.
“Былыр саха олбоҕо суох сатаммат этэ. Олбох тус-туспа аналлааҕа: ойуун олбоҕо, кийиит олбоҕо, тойон олбоҕо… Ону тэҥэ киһи доруобуйатыгар туһата баһаам: сииктээх сиргэ олорон киһи төрүүр-ууһуур уорганын тоҥорботун диэн харысхал мала буолар. Онон бу хамсааһыммыт өссө тэнийдин, саха ытык мала ыал аайы баар буоллун”, — диэн этэр кини.
This post was published on 23.06.2016 15:46 15:46