Туймаада Ыһыаҕар «Үс Хатыҥҥа» кымыһы иһэр сиэр-туом киинигэр 10 тыһыынча киһи олороругар анаммыт трибунаны тута сылдьаллар.
15 сыл аннараа өттүгэр 3 тыһыынча миэстэлээх трибуна сиэри-туому көрүөн баҕалаах дьону барыларын батарбат этэ. Маны кэҥэтэр туһунан кэпсэтии, көрдөһүү бүгүн эрэ саҕаламматаҕа.
Трибуна остуолбалара эмэҕирдилэр, онон саҥа тутууну ыытар кыдьык да, уолдьаста.
Тутуу туһунан этэр буоллахха, саҥа трибуна 3,5 м үрдүктээх тимир конструкцияттан туруоҕа. Манна 18 миэстэлээх 25 эрээт оҥоһуллуоҕа.
«Главстрой» тэрилтэ салайааччыта Петр Кушкирин этэринэн, архитектурнай-этнографическай комплекс эбийиэктэрин тутуу, тупсаран оҥоруу бэс ыйын 15 күнүгэр диэри түмүктэниэҕэ.
Саҥа трибунаҕа көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэр, култуура үлэһиттэригэр, тэрийээччилэргэ уонна кыттааччыларга анаммыт туспа зоналардаах буолуоҕа. Ити туһунан мээрия пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 18.04.2016 17:11 17:11