Туймаада ыһыаҕар аан бастакытын анал байыаннай дьаһалга сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүүр бэлиэнэн салама баайыахтара. Ураты тэрээһиннэринэн ат киэргэлигэр куонкурус ыытыллыа, Wi-Fi баар буолуоҕа.
Национальнай бырааһынньык бырагырааматын туһунан «Прямой эфир с городом» биэриигэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа управлениетын салайааччы Индира Ли кэпсээтэ.
Ааспыт нэдиэлэҕэ култуура хайысхатынан бырагыраама бигэргэннэ, манна 112 тэрээһин киирдэ. Барыта 17 түһүлгэнэн тэриллэн ыытыллар.
99 сэргэ турар сиригэр быйыл «Алгыс саламата» сиэр-туом ыытыллыаҕа. Норуот маастардара сылгы сиэлинэн өрөн оҥорбуттарынан ыһыах ыалдьыттара салама баайыахтара, Саха сириттэн анал байыаннай дьаһалга кыттар буойуттары өйүүллэрин биллэриэхтэрэ.
Ыһыах бырагырааматыгар 19 куонкурус киирдэ, ол иһигэр түөрдэ фольклору кытта сибээстээх. Быйыл бастакытын «Күн Дьөһөгөй» ат киэргэлигэр куонкурус буолар. Бүгүҥҥү туругунан оройуоттартан 13 сайаапка киирдэ.
This post was published on 20.06.2023 11:35 11:35