Үс Хатыҥҥа үбүлүөйдээх Туймаада ыһыаҕа арылынна. Быйылгы национальнай бырааһынньык Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 390, Саха АССР 100, Дьокуускайга бэрэстэбиитэллээх уорган тэриллибитэ 200, Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа ыһыллар буолбута 25 сылларыгар ананар.
Киин куоракка буолар ыһыахха сүүстэн тахса култуурунай, спортивнай куонкурустар, күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Ол иһигэр алгыстар, арчылааһыннар, «Дыгын оонньуулара», кэнсиэртэр уонна да атын тэрээһиннэр элбэх дьону муһуохтара, суруйар СИА.
Ыһыах ыалдьыттарын Ил Дархан Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтилэр. Эҕэрдэлэргэ бочуоттаах ыалдьыттар кыттыстылар — РФ президиэнин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччыта Магомедсалам Магомедов, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин президенэ Рустам Минниханов, Камчатскай кыраай губернатора Владимир Солодов, Новосибирскай уобалас губернатора Андрей Травников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирин солбуйааччылара Анатолий Бобраков, Марат Шамьюнов, Хабаровскайга Кытай народнай Өрөспүүбүкэтин генеральнай консула Цуй Гоцзе, Вьетнам, Индия, Монголия уонна Корея Өрөспүүбүлүкэтин консуллара, маны сэргэ Госдума Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Харитонов, Дьокуускай куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.
«Бүгүҥҥү ыһыах — доҕордуу буолуу, эйэ, сиэрдээх буолуу өрөгөйө. Илиҥҥи санкциялар , сэриинэн тииһэр кэмнэригэр биһиги бу ыһыаҕынан саха норуота модун Россияны, президеммитин кытта бииргэбитин көрдөрөбүт. Биһиги ыһыахпыт — сырдык күүстэр өрөгөйдөрө, улуу Олоҥхо үтүө чыпчааллара биир сиргэ түмсэллэр, үтүө санаа куһаҕан тыыны өрүү кыайарын көрдөрөбүт. Бүгүн биһиэхэ 50-тан тахса араас омук дойдута кыттар, уонтан тахса дойду субъега тэҥҥэ үөрсэр. Бырааттыы Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтигэр, президеҥҥэ Рустам Миннихановка махтанабын, биһиги сырдык, ыраас ыһыахпытыгар кыттаргытыгар», — диэтэ Айсен Николаев.
Бырааһынньык «Кыталыктар» дьоҥҥо дьолу түстүүр үҥкүүнэн саҕаланна.
Россияҕа норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин сылыгар ыалдьыттарга худуоһунньук-этнограф, кыраайы үөрэтээччи Михаил Ноев «Якуты 17 века. Ысыах» диэн хартыынатын көрдөрдүлэр. Салгыы Саха сирин национальнай-култуурунай түмсүүлэрин, XXI Евразийскай куонкурус улахан муода кыттыылаахтара, «Этно-Эрато» национальнай көстүүмнээхтэр сэлэлии хаамыылара буолла. Бастыҥ көстүүмнэри Грузия, Монголия, Туркменистан, Казахстан, Башкортостан, Бурятия, Калмыкия, Тыва, Краснодарскай, Ставропольскай кыраайдар, Амурскай уобалас уонна Москва модельердара көрдөрдүлэр.
Бу күннэргэ Дьокуускайга Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ араас дьаһаллары ыытар. Ыһыах кэмигэр национальнай бырааһынньыктарын Сабантуйдуохтара.
«Саха АССР 100 сыла» театрализованнай көрдөрүү, Уот, Сир иччилэригэр, Үөһээ Айыыларга сүгүрүйүү буолла. Быйылгы сыл уратытынан Саха сирин Үс хочотуттан тэҥинэн Алгыстааһын ыытылынна: Эркээни (Хаҥалас улууһа), Эҥсиэли (Нам улууһа), Туймаада (Дьокуускай). Барыта биэс алгысчыт сиэри-туому толордо.
«Ытык Дуоҕа» ытык сирин булла уонна оһуохай оройуттан тутулунна.
This post was published on 25.06.2022 13:59 13:59