«Туймаада-Нефть» бензин сыанатын үрдэттэ

«Сибойл» уонна «Саханефтегазсбыт» хампаанньалар кэннилэриттэн бензин сыанатын «Туймаада- Нефть» үрдэттэ. Уматык сыаната маарктаттын көрөн 5-7 солк. ыарахан буолла диэн СИА иһитиннэрэр.

АИ-95 — 68,4 солкуобай (эрдэ 62,7 солк. этэ);

АИ-92 — 65,30 солкуобай (эрдэ 60,90 солк. этэ);

АИ-98 — 76,5 солкуобай (эрдэ 69 солк. этэ);

дизельнай уматык — 84 солкуобай (эрдэ 76,7 солк. этэ).

Бензин сыанатын бастакынан алтынньы 10 күнүгэр «Сибойл» хампаанньа үрдэппитэ. Сарсыныгар сыана » Саханефтегазсбыт» сапыраапкаларыгар ыараппыттара. Бу кэнники түөрт ыйга бензин сыанатын иккис үрдээһинэ.

This post was published on 13.10.2023 13:40 13:40