«Туймаада» ФАПК мүөт оҥорон таһаарыынан дьарыктанар былааннаах. Быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 3 тыһыынча ыҥырыа ыалларын аҕалан, баҕалаах фермердэри ыҥрыа иитиитигэр үөрэтиэхтэрэ. Бу туһанан тэрилтэ дириэктэрэ Петр Ефремов иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Биһиги мүөт оҥорон таһаарыынан дьарыктанар былааннаахпыт. Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги ыҥырыа иитиитинэн дьарыгырар дьону кытары кэпсэтэн сүбэлэттэрбиппит. Билигин биһиги иннибитигэр 3 тыһыынча ыҥырыа ыалын аҕалар сорук турар. Бу көрүҥүнэн дьарыктанар санаалаахтарын Амма, Мэҥэ- Хаҥалас, Хаҥалас уонна Бүлүү бөлөх олохтоохторо эттилэр. Ол иһин биһиги уруккуттан ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанар түөрт улахан бааһынай хаһаайыстыбалар фермердэрин кытары кэпсэттибит. Кинилэр саҥа ыҥырыалар кэллэхтэринэ, баҕалаах фермердэри үөрэтиэхтэрэ», — диэтэ Петр Ефремов.
This post was published on 16.03.2022 18:45 18:45