Россия быыбардыыр систиэмэтэ РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһыны ыытыыга бэлэмин биллэрдэ. Күнүн-дьылын дойду Президенэ быһаарыа, суруйар Российская газета.
ЦИК бэлэмин туһунан этиини систиэмэ баһылыгын солбуйааччыта Николай Булаев иһитиннэрдэ.
Эрдэтээҥи быһаарыынан, муус устар 22 күнүгэр РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын ыытыллыахтааҕа. Ити эрээри сыстыганнаах дьаҥ тарҕанан, күнэ-дьыла көһөрүллүбүтэ.
«Куоластааһын хаһан буоларын президент быһаарар. ЦИК бэлэм«, — диэтэ Николай Булаев.
This post was published on 18.05.2020 12:01 12:01