16 Ыам ыйа 16.05
  • $ 90,92
  • 98,9

ЦИК бэрэссэдээтэлэ: «Быыбарга үрдүк конкуренция күүтүллэр»

18:05, 11 июля 2023
Текст:
Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин баһылыгын, Ил Түмэн сэттис ыҥырыытын депутаттарын, олохтоох салайыныы уорганнарыгар быыбардар буолаллара икки ый хаалла. Баһылык быыбарыгар аҕыс кандидат турда. Кинилэр илии баттааһынын хомуйаллар, салгыы регистрация түһүмэҕэ буолар.

Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров эппитинэн, бары баартыйалар үрдүк көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр, онон конкуренциялаах быыбар күүтэр.

Балаҕан ыйыгар Саха сиригэр 61 быыбардыыр хампаанньа ыытыллар. Сүрүн быыбар — өрөспүүбүлүкэ баһылыгын талыы.

«Баһылыкка быыбарга аҕыс кандидат турда. Кинилэр бэйэлэрин өйөбүллэригэр илии баттааһынын хомуйаллар. От ыйын 16 — 26 күннэригэр кандидаттары күүтэбит уонна кинилэртэн регистрацияҕа докумуоннары тутарга бэлэммит», — диэтэ Евгений Федоров.

Баһылыкка кандидаттар: Айсен Николаев («Биир ньыгыл Россия»), Гаврил Парахин (ЛДПР), Виктор Губарев (КПРФ), Олег Маклашов («Родина»), Игорь Борисов («Коммунисты России»), Юрий Пшенников («Гражданская платформа»), Александр Вакарь («Зеленые»), Владимир Тимофеев («Партия пенсионеров»).

Сиһилии https://ysia.ru/predsedatel-tsentrizbirkoma-yakutii-na-vyborah-v-regione-ozhidaetsya-vysokaya-konkurentsiya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар