Тэрээһиҥҥэ Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччылара, бу эйгэҕэ сыһыаннаах дьон, ону таһынан, ыҥырыылаах ыалдьыттар кытыннылар.
Мунньахха кампус тула киэҥ кэпсэтии таҕыста. Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай кампус кэнсиэпсийэтин оҥорууга Арассыыйа уонна тас дойдулар кампустарын уопутун көрбүттэрин ыйда. Итиэннэ үөрэх бырагыраамалара өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кытта ситимнээх буолаллара суолталаах диэн бэлиэтээтэ. “Саха сиригэр кампус туохха нааданый? Бу – саҥа уопсай дьиэ, саҥа табыгастаах миэстэлэр, саҥа үөрэх бырагыраамалара, междисциплинарнай бырагыраамалар. Ол эрээри, кампус соруга маннааҕар далааһыннааҕын, киэҥин өйдүүбүт. Биһиги үөрэх бырагыраамата уонна междисциплинарнай бырагыраамалар көннөрү университеттар сайдыыларын кэрдииһин уһатан биэрэр соруктаах тэриллиэхтэрин баҕарбаппыт. Үрдүк үөрэхтэргэ аһыллар бырагыраамалар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кытта ситимнээх буолалларыгар баҕарабыт. Ол эрээри, манна булгуччу эрэгийиэннээҕи компонены киллэрэн биэрэр ирдэнэр”, — диэн эттэ.
М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев билигин кампус ис хоһоонун буолбакка, номнуо хайдах буолуохтааҕын туһунан толкуйдуулларын эттэ. “Саҥа кампуска дойду, Арктика Хотугулуу-Илиҥҥи өттүн, о.д.а. барытын хабар технологическай сайдыыны кытта ситимнээх саҥа хайысхалар киириэхтээхтэр. Онно айылҕа-билим хайысхалар олус күүстээх буолуохтара диэн көрөбүт. Билигин университет мэдиссиинэҕэ, нэһилиэнньэ доруобуйатын хаачыстыбатыгар саҥа оҥоһуулардаах, препараттардаах. Ол эрээри, биһиги үчүгэй виварийа суох клиническэй иннинээҕи чинчийиини ыытар кыахпыт суох. Бастакы уонна иккис түһүмэх бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтик барыахтаахтар. Биһиги генетикаҕа олус күүстээх оскуолалаахпыт. Онтон АГАТУ нэһилиэнньэни иҥэмтэлээх аһылыгынан аһатыыга күүскэ дьарыктанар. Бу барыта ситимнээх буолуохтаах” – диэн быһаарар. Итиэннэ манна өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы үрдүк үөрэхтэр кыһаларын кытта кыттыгас бырайыактары киллэрбэтэхпитинэ, бэйэбит испитигэр эрэ буһуохпут-хатыахпыт диэн бэлиэтээтэ.
Тустаах сиэссийэҕэ спикердэр кампус Саха сиригэр туох туһаны аҕалыаҕыттан саҕалаан, каадыр боппуруоһун быһаарарга, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тиийэ көдьүүстээҕин эттилэр.
This post was published on 14.11.2024 12:07 12:07