Целевой үөрэхтээһин туһунан иһитиннэрии ыам ыйыгар тахсыа

Целевой үөрэхтээһин туһунан иһитиннэрии ыам ыйыгар тахсыа. Бу туһунан үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.


«Билигин министиэристибэлэри кытары чопчулуур үлэ барар. Ханнык идэлэр наадаларын, хайа үөрэх кыһатыгар үөрэтиэххэ сөбүн быһаарабыт. Билигин 50-79-27 төлөпүөнүнэн  өрөспүүбүлүкэ өттүттэн ханнык идэлэргэ сакаастар баалларын эрийэн, билсиэххэ сөп», — диэтэ миниистир.

Михаил Сивцев быйыл хас биирдии үөрэх кыһата үөрэххэ ылыы хампаанньатын бэйэтэ быһаарарын эттэ. «Тустаах иһитиннэриини хас биирдии үөрэх кыһата бэс ыйын 1 күнүгэр диэри бэйэтин официальнай саайтыгар таһаарыа. Орто анал үөрэх кыһалара эмиэ ити курдук дьаһаналлар», — диэтэ кини. Төрөппүттэр итини учуоттаан дьаһаналларыгар сүбэлээтэ миниистир.

This post was published on 11.03.2021 13:01 13:01