Илиҥҥи экономическай форумҥа 3,818 трлн солк. 373 сөбүлэһиини түһэристилэр. Бу туһунан Москваҕа буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ РФ вице-премьерэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрдэ, диэн ТАСС суруйар.
« 3 трлн 818 млрд солк. суумаҕа 373 сөбүлэһиигэ илии баттанна. Биһиги 3 трлн сөбүлэһиигэ илии баттанна уонна 3,8 трлн. суумаҕа бырайыактар олоххо киириэхтэрэ диэбэппит. Маннык син биир буолбат, биһиэхэ «туһалаах бородуукта» оҥоһуллан тахсыыта 70% кэриҥэ буолуохтаах», — диэтэ кини.
Трутнев иһитиннэриитинэн, ВЭФ-ка үлэ түмүгүнэн саамай элбэх инвестицияны Амур уобалаһа киллэрдэ — 173 млрд солк. Ону тэҥэ, «Уһук Илиҥҥи кыбаартал» инструменнарын туһанан дьиэ тутуутугар хас да сөбүлэһиигэ илии баттанна.
This post was published on 18.09.2023 12:06 12:06