РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Юрий Трутнев Саха сирин салалтатын, эппиэттээх федеральнайдааҕы министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри кытта суһал мунньахха Чайыҥдаҕа салгыы коронавирус тарҕаныытын таһаарбаттарыгар эттэ.
«Дьон доруобуйатыгар уонна олоҕор куттал суоһаабатын мэктиэлиэххэ наада. Ыарыһахтары эмтиэххэ, сотрудниктары харыстыыр сириэстибэлэринэн, эминэн томунан хааччыйыахха, дьону Чайыҥда территориятыттан таһаарыахха наада», — диэтэ Юрий Трутнев.
Муус устар бүтүөр диэри Роспотребнадзор Чайыҥдаҕа олорор, үлэлиир дьонтон коронавируска тестары оҥорон бүтүөхтээх. РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна ЫБММ Чайыҥдаҕа ыалдьыбыттарга анаан полевой мобильнай госпиталь тэрийэргэ сорудах ылла. Онно үлэлиир медперсоналы, оборудованиены, эми-тому, харыстанар сириэстибэлэри толору баар гыныахтаах. Роспотребнадзор, РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ «Газпром» ПАО уонна СӨ бырабыыталыстыбата харантыыны тутуһууга, Чайыҥда вахтовай бөһүөлэккэ олорооччулары, үлэлээччилэри хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн, эминэн-томунан, табаарынан, гигиена сириэстибэлэринэн хааччыйыыга биир кэлим миэрэлэри ылыныахтаах.
This post was published on 29.04.2020 13:01 13:01