ИДьМ Дьокуускайдааҕы ГИБДД салаата иһитиннэрбитинэн, сарсыарда тоҕус чаас саҕана «Тойота ист» массыына Богдан Чижик аатынан уулусса 17-c №-дээх дьиэтин тиэргэнигэр ойоҕос сиэркилэтин көрбөккө, кэннилээри тротуарынан хааман испит 86 саастаах кырдьаҕаһы түҥнэри көппүт, бу туһунан Саха сирэ суруйар.
Ол түмүгэр аҕам саастаах киһи төбөтүгэр улахан эчэйии ылан балыыһаҕа киирбит. Суоппар быһылаан кэмигэр арыгы испэтэҕэ биллибит, сылга үстэ ГАИ хайысхатынан эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт.
This post was published on 02.11.2023 17:01 17:01