27 Муус устар 27.04
  • -5°
  • $ 92,01
  • 98,72

Тоёхиса Кодзуки: Бииргэ үлэлииргэ хас да хайысха баар

15:01, 29 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ дьоппуон туристарын хараҕын далыгар киирэр кыахтаах. Регион уонна Япония хас да тэҥҥэ үлэлэһэр бырайыактаах. Бу барыта бииргэ үлэлээһин сайдыытыгар төрүөт буолуон сөп. Бу туһунан Япония Россияҕа ыксаллаах балаһыанньа уонна боломуочуйалаах посола Тоёхиса Кодзуки Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһэн баран эттэ, суруйар СИА.

Посол Тоёхиса Кодзуки Өлүөнэ очуостарыгар уонна «Саюри» теплицаҕа сылдьыбытын кэпсээтэ. «Саюри» Россия уонна Япония бииргэ үлэлээһиннэригэр бэртээхэй холобур буоларын бэлиэтээтэ.

«Япония уонна Саха сирэ туризмҥа бииргэ үлэлииллэригэр кыах баарын бэлиэтиибин. Пандемиянан сибээстээн билигин туризмы сайыннарыы бытаан эрээри, Япония нэһилиэнньэтин интэриэһэ Россия туризмыгар улаатта», —диэтэ кини. Кини бэлиэтииринэн, Саха сирэ — сөптөөх «кандидатура» дьоппуон туристарыгар, кинилэр Россияҕа Владивостогунан киирэн салгыы баралларыгар аан аһаҕас.

Сиһилии https://ysia.ru/toyohisa-kodzuki-est-neskolko-napravlenij-gde-my-mozhem-razvivat-sotrudnichestvo/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА