2015 сылга нэһилиэнньэни хаарбах уонна саахаланнар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү федеральнай программанан икки 12-лии квартиралаах толору хааччыллыылаах мас дьиэни тутан ыаллар көһөн киирбиттэрэ. Быйыл биэс элбэх квартиралаах дьиэни тутан бүтэриэхтэрэ. Оттон 2017 сылга өссө тоҕус элбэх квартиралаах дьиэни үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыллар. Онон нэһилиэк дьоно барыта саҥа дьиэлэниэ.
Билигин 98 миэстэлээх саҥа оҕо уһуйаанын тутууга бэдэрээтчити быһаара сылдьаллар. 8 МВт кыамталаах саҥа хочуолунай тутуута инвестпрограммаҕа киллэриллибит, ититэр ситимин былаан быһыытынан 3 сыл устата уларытыахтара, канализационнай ситимин уларытыы былааннанар. Быйыл улахан саҥардар үлэни 12 үлэһиттээх ДЭС учаастага (салайааччы Александр Озорнин) ыытыахтаах. Олунньуга саҥа блок-модуллары тиэйэн аҕалыахтара. Учаастактааҕы балыыһаҕа капитальнай өрөмүөн ыытылла турар, дьиэ сылыйбыт.
Олохтоохтор маны таһынан саҥа оскуоланы туруорсаллар. Орто оскуолаҕа 131 оҕо үөрэнэр. 23 учууталтан түөрт эдэр учуутал «Олох-дьаһах» республикатааҕы программа чэрчитинэн хоту уонна Арктическай улуустарга тыа сирин оскуолаларын эдэр специалистарын хааччыйыы алын программатын быһыытынан үлэлии кэлбиттэр. Билигин оскуолаҕа математика учууталын миэстэтэ иллэҥ.
Нэһилиэк дьонун сүрүн дьарыга — таба иитиитэ. Манна «Томпо» фактория-кооператив уонна икки родовой община бааллар. Кооперативка кэннэки сылларга кэккэ биричиинэнэн (үлэһиттэр тиийбэттэр, хамнас кыра, хааччыллыы мөлтөх, бөрө мэнээктээһинэ уо.д.а.) таба ахсаана лаппа аҕыйаата. 2015 сыл саҕаланыытыгар 10564 таба баар буоллаҕына, сыл түмүгүнэн 7581 таба (70,2 %) баар. Бөрөлөр 22 159 800 солк. хоромньуну таһаардылар. Былырыын оройуоҥҥа 53 бөрөнү, 13 эһэни өлөрдүлэр, онтон 27 бөрөнү (ол иһигэр 6 бөрөнү аҕыйах чаас иһигэр вертолетунан көтө сылдьан бултаан ), 13 эһэни Томпо нэһилиэгин сиригэр өлөрдүлэр.
Тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ 2015 сылга республика бюджетыттан 54 273 560 солк. 40 харчы киирбитэ, ол иһигэр таба иитиитин өйүүргэ 25 767 тыһ. солк. Олохтоох бюджеттан 4 441 999 солк. 59 харчы бэриллибититтэн Хотугу сир төрүт салааларын сайыннарыыга 1 697 152 солк. 96 харчы бэриллибитэ. Ол иһигэр табаны өлөрөн астыыр сыах бырайыагын оҥорууга. Арктика сылынан табаһыттары бириэмийэлииргэ уонна Кыайыы сылынан табаһыттар бырааһынньыктарын ыытарга 129 920 солк. бэриллибитэ. Табаһыттар үлэлэрин тэрийиигэ — 1 267 232 солк. 96 харчы.
СР Арктика госкомитетынан госбюджеттан таба этин соҕотуопкалыырга 3 400 000 солк. субсидия хаһаайыстыбалар счеттарыгар киирбитэ. Оройуоҥҥа 105 тонна эт туттарыллыбыта. Сорудах улахан аҥарын «Таба-Полюс» кооператив (бэрэссэдээтэл Николай Васильев) толордо.
Соторутааҕыта нэһилиэккэ оройуон дьаһалтатын отчуота буолбутугар таба иитиитигэр уонна нэһилиэк сайдыытыгар сыһыаннаан үлэ бэтэрээннэрэ санааларын эттилэр.
Николай Михайлович Осенин:
— Оройуоҥҥа элбэх сир ураты харыстанар сиргэ-уокка бэрилиннэ. Урут В.М. Кладкин хас биирдии ыстаадаҕа сылдьара, табаһыттары кытта кэпсэтэрэ. Биригэдьиирдэргэ уонна бостууктарга үлэ боппуруостарыгар семинардар уонна куурустар ыытыллаллара. Холобур, миигин Дьокуускайга уонна Салехард куоракка ыыта сылдьыбыттара. Билигин саатар биригэдьиирдэргэ анаан семинардары ыытыах баар этэ. Ыаллыы оройуоннартан элбэх бөрө кэлэр Таба аҕыйааһыныгар биир кэмҥэ пантыны аһара хомуйа сылдьыбыттара сабыдыаллаата. Итинтэн төрөөһүн хойутуур, ыам ыйын ортотугар эбэтэр бүтүүтүгэр төрүүллэр. Ити кэмҥэ тугуттар тымныйан ыалдьыылара элбээччи. Ону таһынан табалары аһатыы маршруттарын кэмиттэн кэмигэр уларытан иһиэххэ наада, оччоҕо мэччирэҥ чөлүгэр түһэр.
Наталья Михайловна Голикова:
— Саҥа дьиэлэри туталларын көрөн киһи эрэ үөрэр. Мин иллэрээ күн 70 сааспын туоллум, өссө биир оччону олоруохпун баҕарабын, оччоҕо саҥа Тополинайы көрөн үөрүөм этэ. Урукку дьиэлэргэ 40-ча сыл олордубут, үстэ саахал тахсыбатаҕа буоллар, өссө да уһуннук олоруо этибит. Саҥа дьиэлэри хаачыстыбалаахтык туталларыгар баҕарабыт. Учаастактааҕы балыыһаҕа капитальнай өрөмүөн ыыттылар, онно үлэ аҥаара эрэ толорулунна. Ол быыһыгар стационарга куойка миэстэни икки единицаҕа тиийэ сарбыйаллар үһү диэн сурах хомотор. Сэлиэнньэ оройуон кииниттэн олус ырааҕын, ыарыһахтар уонна төрүүр дьахталлар медицинскэй көмөҕө куруутун наадыйалларын болҕомтоҕо ылан куойка-миэстэни уруккунан хаалларарга этэбин. Биһигини тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрэ таҥнары тардаллар, манна үлэни тупсарыахха наада.
Быйыл Социалистическай Үлэ Геройа Василий Михайлович Кладкин төрөөбүтэ 85 сылын туолар. Онон сибээстээн бөһүөлэк олохтоохторо улахан тэрээһини ыытарга былаанныыллар. Тэрилтэлэр, ол иһигэр кооператив бу үбүлүөйү үлэлэригэр үчүгэй көрдөрүүлээх көрсүөхтээхтэр.
Нэһилиэк баһылыга Надежда Кладкина-Клышейко бэлиэтээбитинэн, бөһүөлэги тупсарыыга улахан болҕомто ууруллуоҕа, ол иһигэр эргэ дьиэлэри көтүрүөхтэрэ. Ол инниттэн олохтоохтортон биригээдэлэри тэрийиэхтэрэ, устудьуоннар тутар этэрээттэрин ыҥырыахтара. Манна республикатааҕы тупсаран оҥоруу программатыгар кыттарга былаанныыллар. Надежда Васильевна олохтоохтор атын да программаларга, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын уонна фермерствоҕа кытталлара наадалааҕын бэлиэтиир.
This post was published on 01.02.2016 15:26 15:26