Тополинай оҕолоро ыстаадаларга төрүт тылларыгар, дьарыктарыгар уһуйуллаллар

Томпо улууһун оҕолоро ыстаадаларга бардылар. Онно кинилэри төрөппүттэрэ уонна таптыыр дьарыктара күүтэр. Үрдүкү кылаас оҕолоро бостууктарга көмөлөһүөхтэрэ.


Тополинай орто оскуолатын дириэктэрэ Марфа Копырина эппитинэн, үөрэх дьыла бүттээтин, 40 оҕо, ол иһигэр дьыссаат кырачааннара, ыстаадаларга бардылар. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын төрөппүттэрин кытта атаарыахтара. Ыстаадаларга оҕолору массыынанан, табанан илдьитэлээтилэр.

Оҕолору кытта сэттэ тьютор барыста. Кинилэр салайыыларынан оҕолор сайыҥҥы кэмҥэ эмиэ үөрэниэхтэрэ, дьарыктаныахтара. Ыстаадаҕа кинилэр төрөөбүт төрүт тылларынан саҥарар кыахтаналлар, өбүгэ дьарыгар уһуйуллаллар, суруйар https://www.instagram.com/tompo_vestnik/

This post was published on 10.06.2021 11:01 11:01