Сибиирдээҕи мэдиссиинэ университетын (СибГМУ) «Бионические цифровые платформы» лабораториятыгар мини-томограф диэн саҥа аппарааты айан таһаарбыттар.
Томскай куоракка үлэлиир учуонайдар суһал түгэҥҥэ балыыһаттан ыраах сиргэ сылдьан туһанарга аналлаах томограбы солбуйар дьоҕус аппарааты толкуйдаан оҥордулар.
“Биһиги “Суһал көмө” массыынатыгар анаммыт ыарыһах ис туругун чинчийэр кыахтааах тэрили оҥорор былааннаах этибит. Оҥоһукпут киһи төбөтүн иһигэр электрическэй утарылаһыы туругун үөрэтэн, мэйии иһигэр баар убаҕастар хайдах туруктаахтарын көрдөрөр. Бу аппараат көмөтүнэн инсульт, төбө эчэйиитин миэститэгэр суһаллык диагноз туруорууга олус туһалаах буолуоҕа”, — диир СибГМУ лабораториятын сүрүн чинчийээччитэ Иван Толмачев.
Ону таһынан бу аппараат көмөтүнэн наркоз төһө дириҥник дьайбытын, уҥмут киһи мэйиитигэр туох процесс барарын чинчийиэххэ сөп эбит. Онон туһаныллар хайысхата олус киэҥ, улахан туһалаах аппараат Арассыыйа Сибиирин эрэгийиэнигэр оҥоһуллан, олоххо быһачча туһаныллыаҕа.
Егор Карпов, Саха сирэ
Хаартыска: РИА Новости
This post was published on 12.10.2022 16:03 16:03