Эбээн Бытантайга ыытыллыбыт Хотугу норуоттар IV оонньууларыгар «Көс ыал – 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ. Ил Дархан 300 тыһ солк гранын Томпо оройуонун Тополиное сэлиэнньэтин олохтоохторо Дмитрий уонна Варвара Стручковтар ыллылар.
Элбэх оҕолоох Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ төрүт табаһыттар уонна үгэс сыаннастарын харыстаан илдьэ сылдьааччылар буолаллар. «Көс олох биһиги оҕо эрдэхпититтэн олохпут-дьаһахпыт буолар. Оҕолорбутун эмиэ оннук иитэбит-үөрэтэбит, биһиги үгэстэрбитин ылыналларыгар. Сайынын 4-5 хонук буола-буола көһөбүт, кыһынын ый аҥардыыта турабыт. Табалартан олус тутулуктаах. Аһылыктарын сөбүлээтэхтэринэ өссө өр тохтобул буолуон сөп. Өссө бөрөлөр мэһэйдиэ суохтарын наада. Быйыл биһиги оҕолоннубут, кыыс, онон Тополинайга кыстаатыбыт», — кэпсээтэ Варвара Стручкова.
Ыал түөрт оҕолоох. Улахан уол техникумҥа үөрэнэр, кыра кыыстара үс ыйдаах. Стручковтар дьиэ кэргэн биир сүрүн сыаннастара — өбүгэттэн бэриллибит үгэһи тутуһуу. «Биһиги оҕолорбутугар табаһыт үгэс буолбут олоҕор тапталы, убаастабылы иитэбит, иҥэрэбит. Бу биһиги инники олохпут. Соторутааҕыта сиэннэммиппит. Улаатта да, бэйэбитин кытта илдьэ сылдьыахпыт», — диэтэ ыал ийэтэ.
Көс ыаллар национальнай көстүүмнээх хаамсыыга кытыннылар, спорт көрүҥнэригэр күрэхтэстилэр, таба сүүрдүүтүгэр, аркаан быраҕыытыгар. «Бэйэни билиһиннэрии» уонна «Оримкэн» куонкурустар буоллулар, табаһыттар бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр, национальнай астарын, олорор дьиэлэрин билиһиннэрдилэр.
Кыайыылаах дьиэ кэргэн Ил Дархан 300 тыһ солк бириэмийэтин тутта.
This post was published on 03.04.2023 10:33 10:33