Томпо улууһун олохтооҕун өртөөбүтүн иһин ыстарааптаатылар

Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин Бэрдьигэс диэн сиригэр олохтоох киһи өртөөһүн үлэтин ыыппыт. Киниэхэ административнай дьыаланы көбүттүлэр.

Бэрдьигэс диэн сир Томпо лесничествотыгар киирэр. Манна ыам ыйын 10 күнүттэн баһаартан сэрэхтээх кэм олохтоммута.

Бу киһи дьыалатын көрөн баран, 3000 солкуобайынан ыстарааптаатылар, диэн өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата иһитиннэрэр.

СИА.

This post was published on 20.06.2018 14:39 14:39