Томпо улууһун олохтооҕо Прасковья – бэртээхэй кулинар. Национальнай бүлүүдэттэн саҕалаан экзотическайга диэри киниэхэ барыта сатанар уонна минньигэс буолар, диэн суруйар https://www.instagram.com/tompo_vestnik/
Прасковья оҕуруот аһыттан барыанньаны, хомпуоту, джемнары оҥорор. Күөх помидортан оҥоһуллубут минньигэс аһы боруобалаабыккыт? Маринадтааһын, туустааһын — киниэхэ куруук баар кыһыҥҥы хасааһа.
«Мин Паша ырысыабынан тыква буһардым. Олус сатанна«, — Надежда Бурцева. Кини маннык кэпсээтэ:
— Тыквабыт улахана суох буолуохтаах. Үөһээ өттүн хаппах курдук быһан ылабыт. Иһин хостуубут. Эти луугу кытта ыһаарылыыбыт. Туспа хортуоппуйу арыыга хооруйабыт, илдьириппэппит. Салгыы тыквабыт иһигэр бастаан лууктаах эти, онтон тыква иһиттэн хостообуппутун, хортуоппуйбутун дьапталҕалаан үрүт-үрдүгэр уурталыыбыт, сааһын аайы майонезтыахха сөп. Саамай бүтэһигэр үөһэ сыр кутабыт. Били быспыт «хаппахпытынан» сабабыт, фольганан суулуубут уонна — кээмэйиттэн көрөн 1 — 1,5 чаас духовкаҕа угабыт.