Саха сиригэр пилота суох көтөр авиация «пилотнай» бырайыагын олоххо киллэриэхтэрэ. Ол туһунан Санкт-Петербургдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр иһитиннэрдилэр.
Бырайыак чэрчитинэн Томпо улууһугар биэс пилота суох аппараты үлэлэтиигэ үөрэтэн көрүөхтэрэ. Ол иһигэр икки конвертоплан, икки кыра сөмөлүөт уонна биир мультиротор.
Тестовай көтүүлэр түмүктэринэн аппараттары эрэгийиэҥҥэ туттан саҕалыахтара — сааскы халааны уонна ойуур баһаардарын кэтээн көрүүгэ, табаны уонна сылгыны иитэр дьон наадаларыгар уо.д.а эйгэлэргэ туһаныахтара.
«Саха сирэ пилота суох көтөр аппараттары тургутуу бырагыраамматыгар киирдэ. Биһиги кинилэри экстремальнай климат усулуобуйатыгар бэрэбиэркэлиир кыахтаахпыт. Бэрэбиэркэ кэмигэр көтөр аппарааттар техническэй характеристикаларын сыаналыахтаахпыт. Ол кэннэ бастыҥ холобурдары олоххо киллэрэн саҕалыахпыт», — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев, суруйда «Саха сирэ» сайт.
This post was published on 16.06.2023 15:32 15:32