Томпо улууһун киинигэр Хаандыгаҕа үлэ сылыгар анаммыт «Доҕордоһуу омугуттан тутулуга суох» диэн күрэх, дьаарбаҥка ыытылынна, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа 11 үлэ тэрилтэтэ кыттыыны ылла. Томпо улууһугар 50 араас омук олорор. Онон хас биирдии кэллэктиип иһигэр араас омук бэрэстэбиитэлэ баара кэрэхсэбиллээх. Хамаандалар олус үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр.
Дьаарбаҥкаҕа араас омук аһа остуол хотойунан тэлгэммит. Бу атыыттан киирбит үп СВО-ҕа сылдьар байыастарга көмө быһыытынан ыытыллыаҕа. Дьоро киэһэҕэ чаҕылхай үнҥүү үҥкүүлэннэ, ырыа ылланна.
This post was published on 07.11.2023 11:09 11:09