Томпо оскуолаларын 19 үөрэнээччи кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ

Быйыл Томпо оскуолаларын 151 оҕо бүтэрдэ. Хаандыгаҕа оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит үөрэнээччилэри чиэстээһин буолла.


19 үөрэнээччиттэн тоҕуһа Томпотооҕу элбэх хайысхалаах гимназия, биэһэ Герой Федор Охлопков аатынан Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын оҕолоро буолаллар. Мэҥэ Алдан, Теплай Ключ, Дьабарыкы Хайа уонна Ыҥаа орто оскуолалара биирдии кыһыл көмүс мэтээллээх оҕолоохтор.

Бастыҥ үөрэнээччилэри, кинилэр төрөппүттэрин уонна учууталлары улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Петр Новгородов, үөрэх салаатын салайааччыта Саргылаана Андросова эҕэрдэлээтилэр. Улуус баһылыгын грамоталарын уонна харчынан бириэмийэлэри оҕолорго, махтал суруктарын төрөппүттэргэ, үөрэх салаатын грамоталарын бастыҥ учууталларга туттардылар.

Кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэр ортолоругар Саха сирин уонна Россия олимпиадаларыгар кыайбыт уонна миэстэлэспит оҕолор бааллар. Ол курдук, Александра Ли норуоттар икки ардыларынааҕы дистанционнай куонкурстарга английскай тылга, математикаҕа уонна историяҕа бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ. Вячеслав Артемьев нуучча тылыгар российскай дистанционнай олимпиада кыайыылааҕа.

Бастыҥ үөрэнээччилэр биир кэлим экзаменнарын эмиэ туйгуннук туттардылар. Нуучча тылын Теплай Ключ орто оскуолатыттан Олеся Собцева улууска соҕотоҕун 100 баалга туттарда. Гимназистка Анна Цыканова 96 баалы ылла. Профильнай математикаҕа гимназист Александр Сополев 98 бааллаах.

Оҕолор бары үрдүк үөрэххэ туттарсар санаалаахтар. Сорохтор ханна киирэллэрэ номнуо биллэр. Ол курдук Анна Цыканова Бүтүн Россиятааҕы үрдүк үөрэх кыһаларын олимпиадаларын түмүгүнэн Н.И. Пирогов аатынан Россия национальнай чинчийэр университетыгар, Светлана Чуракова Санкт-Петербургдааҕы гражданскай авиация университетыгар рекомендацияламмыттара. Иккиэн гимназияны бүтэрдилэр.

Оскуоланы бүтэрээччилэр ааттарыттан Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын үөрэнээччитэ Владимир Заболоцкай харда тыл эттэ. Быйыл улууска уонна Хаандыгаҕа үбүлүөйдээх сыл буолан үөрэх салаата саҥа үгэһи киллэрбит. Ол курдук оскуоланы бүтэрээччилэр хас биирдиилэрэ кэлэр көлүөнэлэргэ анаан бэйэлэрин баҕа санааларын этэн сурук суруйдулар уонна дьэрэкээн өҥнөөх холбукаҕа уган күлүүһүнэн хатаатылар. Холбуканы аны 25 сылынан аһыахтара диэтилэр уонна улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Петр Новгородовка уурдарара туттардылар.

This post was published on 30.06.2016 16:03 16:03