Томпо уонна Өймөкөөн улуустара бу күннэргэ Саха сирин саамай тымныы миэстэлэринэн буолуохтара. Сарсын уонна өйүүн онно кыраадыс -34 тымныйыаҕа, сэтинньигэ — -40.
«Саамай тымныы күн-дьыл алтынньы 27–28 күннэригэр Томпоҕо уонна Өймөкөөҥҥө туруоҕа. Түүнүн -29 — -34 кыраадыс. Бастакы күүстээх тымныы -40 кыраадыс эмиэ бу улуустарга сэтинньи саҥатыгар сатыылыаҕа», — СИА-ҕа Саха сирин гидрометкиин отделын начаалынньыга Саргылана Никитина эттэ.
Никитина эппитинэн, тымныы Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр биллиэҕэ, түүҥҥү температура -20… -25 кыраадыс. Соҕуруу уонна соҕуруу-арҕаа оройуоттарга +4 сылаас буолуоҕа.
Дьокуускайга чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ кыратык хаардыаҕа. Түүнүн -8… -13, күнүс -1 — -4.
This post was published on 26.10.2022 16:28 16:28