Томпоҕо Максим Калинин сырдык аатыгар мрамор дуоска арыйдылар

Томпо улууһугар билигин Афганистан сэриитигэр кыттыбыт 9, Кавказ өрөспүүбүлүкэтигэр сэриигэ сылдьыбыт 46 киһи олорор. Арыы Толоонтон Михаил Сыромятников уонна Развилкаттан Максим Калинин кыргыһыыга өлбүттэрэ. Кинилэргэ анаан Томпо улууһун Кыайыы фондатыттан төлөөн, мрамортан мемориальнай дуоскалар оҥоһуллубуттара.


Михаил Сыромятников дуоскатын ааспыт сылга Арыы Толооҥҥо туруорбут буоллахтарына, Максим Калинин дуоскатын олорбут уонна билигин дьоно баар Теплай Ключ сэлиэнньэтигэр ыйаатылар.

Максим Калинин ийэтэ Татьяна Васильевна уолун туһунан ытамньыйан ыла-ыла бу курдук кэпсээтэ: «Максим 1-кы кылааска Развилка оскуолатыгар киирбитэ. Армияҕа тиийэн баран дьонугар, сулууспалыы барарыгар 5-с кылааска үөрэнэ хаалбыт балтыгар Любаҕа суруйара, хоһоон кытта айан ыытара. «Үчүгэйдик сылдьабын, санинструкторга үөрэтэллэр», — диэн суруйбуттааҕа. Онуоха мин «Ол аата Чечняҕа ыытаары бэлэмнииллэр, онно эрэ барымаар» диэн көрдөһөн сурук суруйбутум. Өр биллибэккэ сылдьыбыта. Биирдэ Саха сириттэн өлбүт уолу дойдутугар аҕалалларынан сурук ыыппыт этэ. «Кумааҕыга илии баттатан баран, ыйыппакка да эрэ сэриигэ ыыттылар» диэн ис хоһооннооҕо. Онтон 2003 сыл тохсунньуга өлбүтүн туһунан биллэрбиттэрэ, дойдутун буорун булларбыттара».

Билигин Татьяна Васильевна кыра кыыһа Любалыын Теплай Ключка, улахан кыыс Марина Хаандыгаҕа олороллор.

This post was published on 11.03.2016 14:51 14:51