1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмыта. Киһи-аймах саамай курутуйар уонна умнубат историческай чахчыта.
Билигин ыччат дьон бу алдьархайдаах кэми умнубат. Бары биир кэккэҕэ туран Кыайыы күнүн уруйдууллар, «Өлбөт үйэлээх полк» халҕаһатын хаҥаталлар, ол кэмнээҕи ырыаны ыллыыллар, хос эһээлэрин бартырыатын харыстаан илдьэ сылдьаллар.
Томпо улууһун Хаандыгатыгар сэрииттэн эргиллибэтэх буойуттар, тыылга охтубут хоодуот дьон сырдык кэриэстэригэр «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» акцията буолла.
Маны сэргэ ыраас халлаан анныгар, сибиэһэй салгыҥҥа тахсан бүгүҥҥү Кыайыы күнүн өрөгөйдөөн бэлиэтээтилэр.
This post was published on 09.05.2016 17:12 17:12