Томпоҕо эрдэттэн халааны туоратыыга 600 тыһ.солк. үлэ ыытыллыа

2015 сыллааҕыта Алдан өрүскэ харыы тахсан, Томпо улууһун нэһилиэнньэлээх пууннара халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбиттэрэ.


Ыҥаа уонна Саһыл нэһилиэктэрэ бүтүннүү, Хаандыга бөһүөлэгэ аҥара ууга былдьаммыта. Оттон Бордой сэлиэнньэтин дьиэлэрин халҕаһа муус көҥүтэ анньан, бэйэтин кытта малы уонна сүөһүлэри илдьэ устубута.
Ол иһин улууска халааҥҥа бэлэмнэнии саас аайы эрдэттэн ыытыллар. ЫБМ улуустааҕы хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Кузовлев быйылгы үлэ туһунан маннык кэпсиир:
Сылын аайы СӨ Ууга сыһыаннаһыыга департамена анал үлэлэри ыыттарар. Биир сүрүн үлэнэн Алдан өрүскэ мууһу кэбирэтии буолар. Үгэс быһыытынан уопсайа 18 гектар иэннээх түөрт учаастакка үлэ ыытыллыа. Бэдэрээтчит – Дьокуускай куораттан «Вален» ХЭТ. Тэрилтэ 600 тыһ. солк. суумалаах үлэни толоруохтаах.

This post was published on 23.03.2016 18:47 18:47