Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Томпо улууһугар үрүҥ көмүһү-полиметаллары оҥорор «Үөһээ Мэҥкэчэ» байытар фабриканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга аста.
Тэрээһиҥҥэ видеоконференц сибээһинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков уонна бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко кытыннылар.
Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Фабрикаҕа үлэни Саха сирин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыров, Томпо улууһун баһылыга Яков Степанов уонна «ГеоПроМайнинг» бөлөҕүн бэрэсидьиэнэ Роман Худолий саҕалаатылар.
«Бүгүн биһиги Саха сирин бырамыысыланнаһын устуоруйатыгар саҥа бэлиэ күнү аһабыт. Саҥа салааны үрүҥ көмүс-полиметал рудатын хостооһун уонна таҥастааһын баар буолла. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаныардаах үлэтинэн саҥа хайа хостуур комплекса баар буолла», — диэн Ил Дархан эттэ.
Айсен Николаев болҕомтотун бырайыак олоххо киириитигэр социальнай уонна экология өттүнэн куттал суох буолуутун боппуруостарыгар уурда. «Хайа байытар фабрика үлэҕэ киириитэ өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 800 үлэ миэстэтин биэриэҕэ, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үбү киллэриэҕэ», — диэн эбэн эттэ Айсен Николаев.
Оттон Роман Худолий: «Бүгүн бэлиэ күн буоларын, 500 тыһыынча туонна кыамталаах, 330 тыһыынча туоннаны оҥорон таһаарар кыахтаах байытар фабриканы үлэҕэ киллэрдибит», – диэн эттэ «ГеоПроМайнинг» бөлөх бэрэсидьиэнэ.
Бу фабрика Томпо улууһун сиригэр-уотугар баар, Хаандыгаттан 280 км тэйиччи сытар. Үөһээ Мэҥкэчэ сир баайдаах учаастак үрүҥ көмүһүн саппааһа – 1,934 тыһ. туонна, сибиниэһэ – 236 туонн, цинката – 190 туонна.
Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 07.09.2023 17:21 17:21