30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Томпоҕо "Азия оҕолоро" Оонньуу кыттыылаахтарыгар бириэмийэлэри туттардылар

16:08, 29 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо оройуонуттан 6-с «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууга түөрт оҕо кыттыбыта. Кинилэри төрөөбүт улуустарыгар чиэстээтилэр.


Оонньууга кыттыбыт оҕолортон мас тардыһыытыгар Игорь Фролкин иккис миэстэ, көҥүл тустууга 32 кг ыйааһыҥҥа Сайыына Малышева 3-с миэстэ, 34 кг Женя Огородникова 4-с миэстэ, буулдьанан ытыыга Алена Гурьева 6-с миэстэ буолбуттара. Эдэр спортсменнары уонна кинилэр тренердэрин улуус баһылыга Георгий Герасимов, улуус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Илья Шадрин эҕэрдэлээтилэр. Ситиһиилээх спорсменнарга махтал суруктары, бириэмийэлэри туттардылар. Оройуон тустаах федерациялара, оскуолалар, нэһилиэк дьаһалталара сыаналаах бэлэхтэри оҥордулар.

Тренер Михаил Аммосов тустууга иитиллээччилэрэ үс Оонньууга субуруччу кытыннылар. Киниэхэ Ыҥаа нэһилиэгин Бочуоттаах Киһитэ аат иҥэрилиннэ.

Оонньуу арыллыытыгар уонна сабыллыытыгар Хаандыгаттан «Нежность» үҥкүү бөлөҕө кыттыбыта. Кэлэктиипкэ улуус дьаһалтатын махтал суруга туттарылынна. 2000 волонтер ортотугар Томпо оройуонун оҕолоро эмиэ үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ оройуон дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччат дьыалатыгар салаата махтал эттэ.

«Биһиги оҕолорбутунан киэн туттабыт. Эдэр ыччакка 12 сыллааҕыта «Азия оҕолоругар» кыттан чөмпүйүөн буолбут Виктор Лебедевынан киэн туттабыт. Биһиэхэ үчүгэй тренердэрдээх буолан, мас тардыһыытыгар, тустууга, ытыыга ситиһиилэнэбит. Атын көрүҥнэри сайыннарарга эмиэ кыһаллыахтаахпыт. Оччотугар аныгыскы Оонньууга Томпоттон 10-12 эдэр спортсмен кыттыа», — диэтэ улуус баһылыга Георгий Герасимов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА