Хаандыга бөһүөлэгэр атырдьах ыйын 26 күнүгэр СР Правительствота, министерстволар уонна промышленнай тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах инвестиционнай форум буолуоҕа. РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерацияҕа Сэбиэтин чилиэнэ Вячеслав Штыров кыттыыны ылыаҕа.
Томпо улууһа быйыл үс үбүлүөйү бэлиэтиир: оройуон төрүттэммитэ 85 сыла, Хаандыга бөһүөлэгэ уонна Теплай Ключ сэлиэнньэтэ төрүттэммиттэрэ 75 сыллара. Онон улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга культурнай-спортивнай эйгэҕэ уод.а. үгүс үлэ ыытыллар. Атырдьах ыйынааҕы форум бу чэрчитинэн барара былааннанар.
Инвестиционнай форум хайа-геологическай техникум уонна бизнес-инкубатор баазаларыгар ыытыллар, тэрийээччилэринэн оройуон дьаһалтата уонна техникум буолаллар. Форум үс хайысхаланан үлэлиирэ былааннаммыт. Бастакы уонна сүрүн хайысхата Нежданинскайдааҕы туһалаах баайдаах сири баһылааһыҥҥа «Дьабарыкы Хайа» шахтаҕа үлэлиир «Мечел» хампаанньаны, Үөһээ Мэҥкэчэҕэ үлэлиир «ГеоПроМайнинг» ХЭТ кытыннаран туран, «Томпо хайа промышленнай оройуонун сайдар кэскилэ» диэн тема тула дьүүллэһиэхтэрэ. Бу тэрилтэлэр салайааччыларын кытта олохтоох каадыры үлэнэн хааччыйыыга уо.д.а. икки өрүттээх сөбүлэһиини түһэрсиэхтэрэ. Кинилэр биһиги оройуоммутугар үп-харчы киллэриэхтээхтэр. Промышленнай тэрилтэлэр сайыннахтарына суол-иис, хаачыллыы, уот боппуруостара эҥин быһаарыллара биллэр. Ол иһигэр Алдан өрүһү туоруур муоста, Хаандыга – Теплай Ключ – Развилка – Үөһээ Мэҥкэчэҕэ арахсар салаалаах Нежданинскай уот ситимэ тутуллуута. Чоҕу батарыыга үлэ ыытыллыахтаах. Бу чэрчитинэн Тополинай с. чох ыскылаата тутуллуон сөп, онтон салгыы чох сиринэн Үөһээ Дьааҥы оройуонугар илдьилииэхтээх. Кэлин сыыйа Тополинай хочуолунайа чоххо көһүөн сөп диэн Томпо оройуонун баһылыга Георгий Герасимов Форумҥа бэлэмнэнии туһунан мунньахха кэпсээтэ.
Иккис хайысха – аччыгый уонна орто бизнеһи сайыннарыы. Манна тыа хаһаайыстыбата эмиэ киллэриллибит. Бу хайысхаҕа урбаанньыттар, хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр, бааһынайдар, бородууксуйаны астыыр кооперативтар үлэлииллэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар бырайыак элбэх. Холобур, Хаандыга б. саҥа оҕуруот аһын харайар сири, оҕуруот аһын тоҥорор мини-собуот аһары былааннаабыттар. Оччоҕо астаммыт, ыраастаммыт, анал суулаах бородууксуйаны хотугу оройуоннарга батарар табыгастаах буолуо этэ. Үүтү астыыр собуоттарга, килиэби астааһыҥҥа эмиэ болҕомто ууруллара этилиннэ. Баҕар, килиэп астыыр собуот аттыгар Нежданинскай минеральнай уутун кутар оборудованиены туруоруохпут эбэтэр отоннору астыыр сыах аһылларын иһитиннэрдэ баһылык. Тыа хаһаайыстыбатын ырыынагар ситэ тутулла илик дьиэ баар, маны эмиэ туһаныахха сөп. Маны олоххо киллэрэргэ кыахтаах тэрилтэлэр үп угалларын ситиһэри баһылык сорук туруорар. Табаны иитиигэ астыыр пууну, харааллары тутуу, таба ахсаанын элбэтии уо.д.а. боппуруостар киирбиттэр.
Туризм уонна өҥө ырыынага сайдыахтаахтарын туһунан эмиэ эттэ. Географическай балаһыанньабыт олус табыгастааҕа, биһиги оройуоммутунан «Халыма» федеральнай массыына суола ааһара этилиннэ. Алтынньыга Теплай Ключ с. үбүлүөйүн бэлиэтииргэ мантан сорох боппуруостар туруоруллуохтар. Нэһилиэк сиригэр-уотугар кыһыл көмүстээх уонна полиметаллаах сир баар. Манна туризмы, үрэҕинэн оҥочонон устууну, балыктааһыны уо.д.а. тэрийиэххэ сөп. Томпо уонна Теплай Ключ нэһилиэктэрин дьаһалталарын кытта ГУЛАГ музейын аһыы бырайыагар үлэлэһии баар буоларын улуус салалтата кэпсээтэ.
Үһүс хайысха – бу орто сүһүөх олохтоох каадырдары (маастардары, маркшейдердэри, топографтары, геодезистары уо.д.а.) республикаҕа анаан хайа-геологическай техникум базатыгар бэлэмнээһин буоларын эмиэ эттэ.
«Тэрээһин былаана оҥоһуллубута. Промышленность, экономика, тыа хаһаайыстыбатын министерстволара, инвестиционнай сайдыы агентствота, венчурнай хампаанньа дьыаланы сиһилии билсибиттэрэ. Бу күннэргэ биһиги сулууспаларбыт Дьокуускай к. барыахтара, хайысхаларынан өссө сиһилии аттарыахтара.
Инвестиционнай форуму ыытыы Томпо оройуонун иккис тыынныа диэн эрэнэбит, онно барытыгар төрүөт баар. Миэстэтигэр бэлэмнэнии үлэтэ ыытылла турар. Төһө даҕаны кириисис буоллар, СР Правительствотын, сир баайын хостооччуларын көмөлөрүнэн оройуоммут сайдыа, инвестордар интэриэстэрэ улаатыа диэн эрэнэбин», — диэтэ баһылык Георгий Герасимов.