Быйыл Томпо улууһугар 6965 тонна от уонна 400 тонна сенаж бэлэмнэниллиэхтээх. Ол эрээри уһун күүстээх ардахтар мэһэйдээн, былаан билиҥҥитэ туолбат кутталлаах.
Улуус үрдүнэн окко 97 техника, 267 киһи тахсыбыта. Бүгүҥҥү туругунан, 317 гектар сир охсулунна. 120 туонна от кэбиһиллибититтэн кэтэх ыаллар 79 туоннаны, кээпэрэтииптэр 23 туоннаны, бааһынай хаһаайыстыбалар 18 туоннаны бэлэмнээтилэр. Онон уопсай былаан 1,72 % туолан иһэр. Былырыын баччаларга 1049 гектар сир охсуллубута, 524 туонна от кэбиһилибитэ. Былаан 23 % туолбута.
Оттоооһун бытаарыыта уһун күүстээх ардахтар мэһэйдээбиттэриттэн таҕыста. Ардах бу нэдиэлэни быһа түһэр диэн биллэрии кэллэ. Сорох ходуһалар кыралаан ууга бардылар. Ол курдук Алдан өрүс ардах уутуттан халааннаан, намыһах кытылларга ууну таһаарда. Ыҥаа нэһилиэгин «Бордой» кээпэрэтиибэ оттуур Курулҕан диэн 40 гектардаах сир уонна кэтэх ыал туруорбут бастакы кэбиһиилээх ото ууга бардылар. Маны таһынан Байаҕантай нэһилиэгэр уруккуттан ууга барар хас да намыһах сир уонна Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Маҥан Арыы кытыыта эмиэ уунан туоллулар.
«Биһиги «Бордой» кооператив оттуур Алдан өрүс Бордойугар уонна арыыларыгар тахса сырыттыбыт. Онно аһара элбэх уу кэлэн, Курулҕан арыыга ходуһаны былдьаабыт. Бу кумахтаах сир, онон уу түстэҕинэ бытааннык кууруо. МТЗ-82 курдук улахан трактордар баттыллыахтарын да сөп. Аны олус үүммүт от сытан хааллаҕына охсор массыына кыайан ылымыан сөп» — диир улуус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Илья Шадрин.
Билигин ыраах баар оттуур сирдэргэ тиэрдэр суолу уонна муосталары өрөмүөннүү сылдьаллар. Саһыл нэһилиэгэр уонтан тахса техниканы, ол иһигэр биэс МТЗ-82 тракторы, үс мотокосилканы, паромунан туораттылар.
Быйыл улууска туорахтаах култуураны ыһар сир иэнэ кыччаабыта. Ол курдук «Хаадьыма» бааһынай хаһаайыстыба 20 гектарга бурдук ыһарга бэлэмнэммитэ эрээри «Птицевод Иванов» ХЭТ мөлтөх туруктаах сиэмэни атыылаан дуогабары көтүрбүттэрэ. Ити кэмҥэ суол сабыллан, хаһаайыстыба кыайан сиэмэ булбакка былааннаабыт үлэтэ хаалбыта. Маны таһынан Мэҥэ Алдаҥҥа уонна Саһылга туорахтаах култуураны ыһар икки хаһаайыстыба эстибитэ.
This post was published on 19.07.2016 17:05 17:05