Быйыл Томпо улууһун киин балыыһатыгар түөрт УЗИ- аппараат, ФЛГ- аппараата, дуограф, гастрокоп, бронхоскоп, эндоскопическай чинчийиилэри ыытарга ректоскоп киирдилэр. 2021 сыллаахха балыыһа саҥа компьютернай томограф ылбыта, диэн регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр бастакы медицинскэй көмөнү оҥорорго саҥа стандартар олоххо киирэллэр. Саамай ыраах, уһук сиргэ турар да нэһилиэккэ дьон киин сир олохтоохторуттан уратыта суох медицинскэй көмөнү ылар кыахтаах буолуохтаахтар диэн сорудах турар», — диэтэ Томпо киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Владислав Крылов.
Кини доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын саҥардыы бырагырааматынан кэнники икки сылга олус элбэх үлэ оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.
This post was published on 15.11.2022 09:05 09:05