Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ тоһуттар тымныылар түспүт сүрүн биричиинэтин быһаарыыга күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр да, билгэлээччилэрэ да, ытык кырдьаҕастара да санааларын эттилэр, бэйэлэрин чинчийиилэрин кытта үллэһиннилэр. Ол курдук, кинилэр ортолоругар, аата-суола биллибэт аҕам саастаах киһи социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт этиитэ үгүс кэпсэтиини, толкуйу таһаарда.
Аҕам саастаах суруйар: «Бу олус тымныы соһуччу кэлбит буолбатах, ойуур баһаардарын кэннэ булгуччу кэлэр уонна уһуннук турар. Улахан ойуур баһаардарын кэннэ, кырата 5 сыл -60 кыраадыстар туруохтара. Сирбитин хаххалыыр ойуурдарбыт умайдылар, сир дьулайа арылынна. Тымныыларга өссө син бэлэмнэнэр буоллахпытына, халаан уутуттан туох да быыһаабат. Инчэҕэй, сииктээх, угут күн-дьыл кэлиэҕэ. Сайын сир уута үрэхтэринэн өрүстэргэ киирэн, үгүс нэһилиэктэргэ куттал үөскүөҕэ, Дьааҥы улууһа ону көрдөрбүтэ. Нэһилиэктэргэ күөллэр, улахан эбэлэр туоланнар, сир тымырынан дьиэ анныларыгар, оҥкучахтарга, булуустарга киириэхтэрэ. Ууну аһарар, сииги тардыыга хоруулары хаһан бэлэмниэххэ. Олорор дьиэ барыта тэллэй буолуоҕа. Бары билэбит, дьиэ тэллэйэ туох баар ыарыы төрдө».
Чахчы, сорох билгэлээһин этиитин араас биллиилээх учуонайдар чинчийиилэрэ бигэргэтэр. Олор ортолоругар Арассыыйатааҕы билим академиятын география институтун сүрүннүүр научнай үлэһитэ Мария Ананичева оҥорбут чинчийиитэ сөп түбэһэр:
«Билигин атмосфера маассатын меридиональнай циркуляцията баһыйар, тымныы салгын хотуттан соҕуруу эбэтэр төттөрү барар, сыл ахсын буоларын курдук киэҥник буолбатах. Ити 60 уонна 90 кыраадыс хотугу кэтирээһин икки ардыгар сытар сирдэргэ орто температура улаатарыгар дьайар. Бу маны кытта урукку дьылларга ойуур баһаардара турбуттара эмиэ сибээстээх, түмүгэр килиимэт систиэмэтин уларытар турукка тиэрдэр». Ити курдук, чинчийээччи бэлиэтииринэн, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ уонна Сибииргэ кыһынын халлаан сымнаан иһэр, ону кытта кылгас кэмҥэ «аномальнай» тоһуттар тымныылар түһэллэр, оттон сайын устата уһун куйаас күннэр тураллар.
Санаттахха, Саха Сиригэр саамай уһун хонуктаах тымныылар 2020-2021 сылларыгар турбуттара. Оттон 2021 сыллаахха уһун тымныылар муус устарга диэри, икки ый устата, -50 С кыраадыска тиийэ түспүттэрэ.
Источник: https://www.sakhaparliament.ru/
This post was published on 25.01.2023 09:33 09:33