«Алдаҥҥа кытай делегацията кэллэ. Улуус салалтатын, предпринимателлэри кытта көрсөн кэпсэттилэр. «Алданлеспром» былаһааккатын көрдүлэр, «Саха сирин тимир суоллара» акционернай хампаанньаҕа сырыттылар«, — диэн дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьыалабыай көрсүһүүгэ Хэйлунцзяннааҕы экономиканы уонна технологияны холбоһуктаах сайыннарыы хампаанньатын сүрүн дириэктэрэ Тун Чэнбо уонна отдел начальнига Чжоу Шо, Кытайга РФ атыыга бэрэстэбиитэлистибэтиттэн Степан Андреев, «Корпорация развития Южной Якутии» ААУо сүрүн дириэктэрэ Михаил Брук, Ил Түмэн депутата Александр Дудников, улуус салалтата кыттыыны ыллылар.
«Кытай уонна Россия предпринимателлэрэ бизнескэ бииргэ үлэлээһиннэригэр дьарыктанар хампаанньаны кытта 2015 сылга Кытай инвестордарыгар инвестиционнай бырайыактары булан биэриигэ Сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Маһы таҥастааһыҥҥа, биодобавкалары ылыыга, тимир суолу тутууга саппааһы булууга, тимири уһааран оҥорон таһаарар оборудованиены аҕалыыга биир кэлим үлэни ыытыахтаахпыт», — диэн Михаил Брук кэпсиир.
Исписэлиистэр Томмокко вермикулит, базальт, графит баар сирдэрин индустриальнай база быһыытынан көрөн үөрэтэллэр. Бу оройуон экономикатын сайыннарыыга туһалаах буоларыгар эрэллээхтэр. Онон сибээстээн бөдөҥ ТОР да арыллыан сөп дииллэр. «Былаан быһыытынан, сыл бастакы аҥарыгар уопсай бырайыактары ырытыахпыт, 2016 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэрбитинэн барыахпыт», — диэн быһаарбыт Михаил Брук.
«Биһиги көрүүбүтүнэн оройуоҥҥа баар промышленнай база эргэрбит. Онон саҥардыыга үлэлэһиэхпитин наада. Алдан Кытай кыраныыссатыттан ырааҕа суох. Инникитин ойуур промышленноһыгар үлэлэһиэхпитин сөп эбит. Бэрт сотору кэминэн үлэ саҕаланарыгар эрэллээхпит», — диэн Тун Чэнбо санаатын эттэ.
This post was published on 09.03.2016 10:21 10:21