Өлүөнэ өрүскэ Витим – Ленскэй хайысхатынан уу таһыма 6,0 – 6,5 м үрдээтэ. Бүгүн-сарсын Ньүүйэ – Маача учаастагынан 0,3 — 0,5 м үрдүүр чинчилээх. Бу туһунан Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениета иһитиннэрдэ.
Покровскай – Хаҥалас (Кангалассы) учаастагынан уу сууккаҕа 0,3 миэтэрэттэн 0,9 миэтэрэҕэ диэри үрдээбит. От ыйын 21– 23 күннэригэр уопсай үрдээһин 4,5 – 5,5 м диэри тахсыаҕын сабаҕалыыллар. Бүгүҥҥү туругунан, Ленскэй куорат аннынан уу таһыма 753 см (сууккаҕа 44 см эбиллибит), Өлүөхүмэҕэ 791 см (сууккаҕа 108 см эбиллибит) тиийдэ.
Өлүөхүмэ өрүс хаҥас салаата Чаара уутун таһыма үрдээн, Дьаархан нэһилиэгэр (Токо сэлиэнньэтэ) ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ. Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатын дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспатын чахчытынан, уу таһыма 1014 см диэри үрдээбит. Бу учаастагынан кутталлаах таһым 900 см. От ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, түөрт дьиэ ууга барбыт.
Алдан өрүскэ Угино – Учур учаастагынан уонна Уус Маайа оройуонугар уу таһыма үрдүүрэ сабаҕаланар.
Алаһыайга балаһыанньа улаханнык көнө илик. Сыбаатай аннынан суукка иһигэр уу 2 см эрэ түһэн, билигин 762 см тэҥнэһэр. Арҕахтаах таһынан 897 см. (суукка иһигэр 1 см эбиллибит).
Чугастааҕы кэмҥэ Арҕахтаах – Андрюшкино хайысхатынан уу таһыма үрдүүр чинчилээх.
This post was published on 17.07.2017 15:25 15:25