Токиоҕа сайыҥҥы Олимпиада саҕаланна

Токиоҕа сайыҥҥы Олимпиада бастакы күрэхтэһиилэрэ саҕаланна. От ыйын 21 күнүгэр дьахталларга софтболга итиэннэ футболга киирсиилэр буоллулар. Сайыҥҥы Олимпиада аһыллыыта сарсын, бээтинсэҕэ от ыйын 23 күнүгэр буолуо.  


Токиоҕа ыытыллар XXXII-с сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга 70 араас спорт көрүҥэр 1079 мэтээл оонньонуо.

Быйылгы Олимпиада пандемиянан сибээстэн көрөөччүлэрэ суох барар.

This post was published on 22.07.2021 17:01 17:01