Хой ♈️
Хайдах баҕар түгэҥҥэ чиэһинэй, истиҥ иһирэх, көнө майгылаах буолар үрдүктүк сыаналанар
Оҕус ♉
Бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына, эйигин иннигэр ситиһии күүтэр
Игирэлэр ♊
Бэйэҥ эппит тылгар эрэллээх буол, хас биирдии киһи тылыгар итэҕэйэр оруна суох, дьон быһыыланыытын ырытыма
Рак ♋
Тулаҕар буола турар аймалҕаҥҥа бэринимэ, омуннаах быһыыланыы үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕа
Хахай ♌
Эйиэхэ бастакынан суруйар, эрийэр дьону сыаналаа, кинилэр эн дурдаҥ-хаххаҥ буолаллар
Кыыс ♍
Тылгын мээнэ тыалга быраҕыма, барытын өйдөөн-төйдөөн саҥарар туһалаах буолуо
Ыйааһын ♎
Эйиэхэ сирэйгэр утары көрөн туран сымыйалыыр дьону өтө көрөҕүн, кинилэр итинник быһыыланалларын олох өйдөөбөккүн
Скорпион ♏
Бүтүннүү буккуллан баран сылдьаҕын:төбөҥ биири этэр, сүрэҕиҥ олох атыны
Охчут ♐️
Сорох дьон эн олоххор кылгас кэмҥэ кэлэн баралларын ылыныах тустааххын
Чубуку ♑
Доҕотторгун кытары истиҥ иһирэх киэһэни атаарыҥ диэн сулустар сүбэлииллэр
Күрүлгэн ♒
Бүгүн дьон болҕомтотун тардаҕын, бары эн тула сүүрэ-көтө сылдьаллар
Балыктар ♓️
Эйиэхэ хайдах сыһыаннаһаллар да оннук эппиэт харда ылаллар.
Аһаҕас источник
This post was published on 31.01.2024 09:05 09:05