- Азербайджан — Таможня үлэһиттэрин күнэ
- Бразилия — Саудаде күнэ (порт. саудаде — сайыһыы, ахтылҕан, сырдык курус, ностальгия — португаал тыллаахтар туттар уустук өйдөбүллэрэ)
- Ииндийэ — Көҥүл иһин охсуһууга охтубуттар кэриэстэбиллэрин күнэ
- Испания — Күүһү туттубат буолуу уонна эйэ күнэ (оскуолаларга бэлиэтэнэр, Махатма Гандины кытта ситимнээх)
- Калифорния, Флорида, Гавайи, Виргиния — Фред Коремацу күнэ
- Франция — Круассан күнэ
- Күүһү туттубат буолуу кэмин саҕаланыыта (нууч. Сезон ненасилия, тохсунньу 30 — муус устар 4). 1998 сыллаахха Махатма Ганди сиэнэ Арун Ганди олохтообута, Махатма Гандины өлөрбүт күннэриттэн саҕаланан баран Мартин Лютер Кинг-балыһы өлөрбүт күннэригэр түмүктэнэр.
Түбэлтэлэр
- 1648 — Нидерланды уонна Испания ыккардыларынааҕы Аҕыс уон сыллаах сэрии түмүктэммит. Аан дойду бастакы буржуазнай дойдута — Нидерланды — тутулуга суоҕа билиниллибит.
- 1703 — Дьоппуоҥҥа бусидо диэн самурай кодексын кытаанахтык тутуспуттарынан номоххо киирбит 47 ронин тойонноро өлөрүллүбүтүн иэстэспиттэр.
- 1930 — Ленскэй улууһа тэриллибит.
- 1951 — Уус-Алдан улууһун Танда сэлиэнньэтигэр олохтоох учуутал уонна краевед Иван Готовцев көҕулээһининэн устуоруйа уонна өрөбөлүүссүйэ түмэлэ аһыллыбыт. Түмэлгэ Петровскай Г.И. аата иҥэриллибитэ.
- 1968 — Саха култууратын үлэһиттэрин III сийиэһэ саҕаламмыт.
- 1968 — Вьетнам сэриитин саҕана Вьетконг уонна Хотугу Вьетнам аармыйата Тет кимэн киириитин саҕалаабыттар. Бу сэриигэ хомуньуустар бастакы улахан кимэн киириилэрэ этэ. Мантан сылтаан Америка дьоно-сэргэтэ кыайыыны ситиһэргэ эрэллэрин сүтэрбиттэрэ.
- 1982 — Америкаҕа 15 саастаах Ричард Скрента бастакы көмпүүтэр вирустарыттан биирдэстэрин суруйбут.
Төрөөбүттэр
- 1736 — Джеймс Уатт — Шотландия инженер-механига, айааччы, паар массыынатын айбыт киһи.
- 1882 — Франклин Делано Рузвельт — АХШ 32-с бэрэсидьиэнэ (1933—1945).
- 1893 — Иван Платонов — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Иккис Наахара нэһилиэгин маҥнайгы учуутала.
- 1923 — Леонид Гайдай — киинэ режиссёра, сценарист, артыыс, ССРС норуодунай артыыһа.
- 1908 — Григорий Тарскай — тылбаасчыт уонна библиограф, ССРС суруналыыстарын уонна суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1938 — Ислам Каримов — Узбекистан бастакы бэрэсидьиэнэ (1990—2016).
- 1948 — Владимир Игнатьев — саха худуоһунньук-дизайнера, график, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыгын ааптардарыттан биирдэстэрэ.
- 1959 — Ирина Пудова — саха балерината, Дьокуускайдааҕы Опера уонна балет тыйаатырын солистката, СӨ үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр
- 1944 — Мартын Тепляков (10.01.1918 төр.) — сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүскэ үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1948 — Махатма Ганди (дьиҥнээх аата Моhандас Карамчанд Ганди) — Ииндийэ тутулуга суох буолуутун хамсааhынын тутаах басхана. Сатьяграhа диэн тиранияны күргүөмнээх олохтоох бас бэринимиинэн утарылаhыы бөлүһүөпүйэтин айааччыта.
This post was published on 30.01.2022 09:01 09:01