Бэлиэ күннэр
Түбэлтэлэр
- 946 — халиф Аль-Мустакфины хараҕын тэспиттэр уонна былаастан туораппыттар. Аббасидтар халифааттарын баһылыгынан Аль-Мути буолбут.
- 1258 — Монгуоллар Дай-Вьет судаарыстыбаҕа бастакы саба түһүүлэрэ: Вьетнам устуоруктара этэллэринэн Тонг Бо Дау аттынааҕы кыргыһыыга Дай Вьет монгуоллары кыайбыт, дойдуттан тахсан биэрэргэ күһэйбит, оттон атын чинчийээччилэр этэллэринэн монгуоллар Дай Вьеттан түһээн ылар буолбуттара, уонна бу кыргыһыыга кыттыбыт Урааҥхадай диэн Сүбэтэй уола полководец баһылыктаах монгуол сэриилэрэ (3 тыһыынча аттаах киһи, 10 тыһыынча сатыы сэрии) эһиилгэ диэри Хотугу Вьетнамҥа тохтоон олорбуттара.
- 1616 — Нидерланды байҕалынан айанньыттара Якоб Лемер уонна Виллем Схаутен Соҕуруу Америка муҥутуур соҕурууҥҥу уһугун — Горн тумулун — арыйбыттар.
- 1710 — Арассыыйаҕа ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан нуучча гражданскай алпаабыта киллэриллибит.
- 1764 — Саха сирин бойобуодатынан прапорщик Козьма Дуреев анаммыт. Кини бу солоҕо 1764 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
- 1814 — Наполеон былааска иккистээн кэлбит кэмигэр Бриенна аттынааҕы кыргыһыыга Наполенон бэйэтэ салайбыт аармыйата Пруссия уонна Арассыыйа холбоһуктаах сэриилэрин кыайбыт. Ол эрээри элбэх сүтүктэммит (3 эбэтэр 4 тыһыынча киһитин сүтэрбит, 11 тэргэнин нууччаларга былдьаппыт).
- 1886 — Карл Бенц бензининэн үлэлиир мотуордаах бастакы массыынатын патеннаабыт.
- 1924 — Бүтүн Арассыыйатааҕы Сэбиэттэр сийиэстэрэ улахан дьон аахпат-суруйбат буолууларын суох гыныы туһунан (ликбез) уураах ылыммыт.
- 1932 — Саха АССР Совнаркомын уурааҕынан Саха сирин геодезия уонна топография өртүнэн үөрэтэр Аэрофотогеотрест диэн тэрилтэ тэриллибит.
- 1979 — Кытай салайааччыта Дэн Сяопин АХШ-ка официальнай визит оҥорбут, АХШ бэрэсидьиэнэ Джимми Картер кинини көрсүбүт. Бу кэмҥэ Кытай уонна Америка сыһыаннара улаханнык тупсубута.
- 1990 — Дьокуускайга Саха сирин омуктарын музыкатын уонна фольклорун түмэлэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолбут. Бу түмэл биир сыл кэриҥэ уопсастыбаннай буолан үлэлээбитэ. Көҕүлээччи, тэрийээччи — Аиза Решетникова.
- 1992 — РСФСР Судаарыстыбыаннай баанын Саха АССР-дааҕы Сүрүн управлениета СӨ Национальнай баана диэн ааттаммыт.
- 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Атыы-эргиэн көҥүлүн туһунан» ыйааҕа тахсыбыт. Дойдуга чааһынай урбаан көҥүллэммит.
- 1998 — Дьокуускайга Тиэрмин-арпагыраапыйа хамыыһыйатын (ТАХ) мунньаҕар саха тылын саҥа алпаабытын, арпагыраапыйатын бырайыактара дьүүлгэ турбуттар. Хамыыһыйа элбэх бэлиэтээһини, этиини киллэрбит, бырайыактары сүнньүнэн сөптөөҕүнэн аахпыт уонна 1998 сылга үлэни түмүктээн ТАХ киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар дьүүлгэ туруорарга быһаарбыт. Ол кэнниттэн хамыыһыйа салалтата уларыйбыта, үлэ түмүктэниитэ харгыстаммыта.
- 2001 — Тыһыынчанан устудьуоннар Индонезияҕа түмэн дьиэтин штурмалаабыттар уонна бэрэсидьиэн Абдуррахман Вахиды хоруупсуйаҕа буруйдаан дуоһунаһыттан барарыгар модьуйбуттар.
Төрөөбүттэр
- 1860 — Антон Чехов — нуучча кылаассык суруйааччыта, драматург, быраас.
- 1913 — Никифор Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап — саха суруйааччыта, учуутал, суруналыыс, биир биллэр айымньыта — «Ньургуhун уонна Лоокуут». Аҕа дойду Улуу сэриитигэр взвод хамандыырынан сылдьыбыт, сэрии толоонугар охтубут.
- 1930 — Татьяна Васильева — туорахтаах культуралар селекцияларынан дьарыктанар агроном учуонай, РСФСР үтүөлээх агронома, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.
- 1940 — Артур Андросов — хайа маастара, сир баайын аһаҕас ньыманан хостооһунунан дьарыктанар учуонай, РФ үтүөлээх айааччыта, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, техника билимин дуоктара.
- 1938 — Николай Алексеев — этнография уонна түүр тыллаах Сибиир омуктарын фольклордарыгар киэҥ билиилээх специалист, устуоруйа билимин дуоктара.
Өлбүттэр
- 1983 — Дмитрий Апросимов (10.03.1929 төр.) — биллиилээх эбэҥки бэйиэтэ, худуоһунньук.
This post was published on 29.01.2022 09:01 09:01