Тохсунньу 24 күнэ. Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ - Бикипиэдьийэ

Бу күн 1946 сыллаахха Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт. Ити эрээри тэрилтэ историята 1928 сыллаахтан саҕаланар диэн суруллар. Сэрии кэннинээҕи дьаһаллартан биирдэстэрэ нэһилиэнньэни сомоҕолуур сыалтан ылыллыбыта диэн историяны чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Кэлин Саха сирин музейдара бэйэлэрин уратылаах экспонаттарынан тас дойдуларга тиийэ биллэллэр. 


Бэлиэ күннэр

  • ХНТ — Үөрэҕирии аан дойдутааҕы күнэХНТ билэринэн хамсыктан сылтаан балтараа миллиард оҕо оскуолаҕа сылдьар кыаҕа суох буолла. Сорохтор тэйиччиттэн үөрэххэ көстүлэр. Ол эрээри 463 мөлүйүөн оҕо оннук сатаан үөрэммэт – дьиэлэригэр көмпүүтэрдэрэ эбэтэр интэриниэттэрэ суох, эбэтэр ҕааддьыттары былдьаһаллар, холобур элбэх оҕолоох ыалларга. Ону таһынан сорох оскуолалар онлайн-үөрэҕи кыайан тэрийбэтилэр. «Үөрэҕи ылыы — киһи сүрүн бырааптарыттан биирдэстэрэ, оттон үөрэхтээх буолуу — дойдулар бигэ сайдар сүрүн тосхоллоро» — диир ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Антониу Гуттериш.
  • Эскимо күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1848 — Калифорнияҕа Сакраменто куоратыттан чугас уу миэлиҥсэтин тута сылдьыбыт болуотунньук Джеймс У. Маршалл кыһыл көмүс булбут. Сотору кэминэн Калифорния көмүс түрүлгэнэ саҕаламмыта.
  • 1919 — Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) 1КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
  • 1946 — Дьокуускайга Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлэ аһыллыбыт.
  • 1984 — Бастакы Apple Macintosh персональнай көмпүүтэр атыыга тахсыбыт.
  • 2010 — Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 24.01.2021 09:01 09:01