Аан дойдуга куустуһуу күнэ бэлиэтэнэр.
Бүгүн физик-ядерщик, академик, сэбиэскэй атомнай бомба «аҕата» Игорь Курчатов, Саха АССР бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, талааннаах салайааччы Василий Скрябин, ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа Владимир Татаринов, 80-нус сыллар бүтүүлэриттэн 2016 сыллаахха диэри Усуйаана улууһун Силээннээх нэһилиэгин баһылыга Василий Горохов төрөөбүттэр.
Тохсунньу 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 21-с күнэ. Сыл бүтүө 344 күн (ордук хонуктаах сылга 345 күн) баар.
Бэлиэ күннэр:
- Куустуһуу дойдулар ардыларынааҕы күнэ
- Арассыыйа — Аспирант күнэ
- Арассыыйа — Инженернэй сэриилэр күннэрэ
Түбэлтэлэр:
- 1858 — Кэлин аатырбыт аҕабыыт Иннокентий Вениаминов Иркутскайга айанын саҕалаабыт, онтон Арассыыйа бэйэтигэр саҥа холбообут Амуур өрүһүн тардыытыгар баар сирдэргэ сылдьыбыт, онтон уолугар Николаевскайга ыалдьыттаабыт уонна күһүн Дьокуускайга кэлбит.
- 1911 — Монте-Карло раллита бастакытын ыытыллыбыт.
- 1922 — РКП(б) киин кэмитиэтин политбюротун мунньаҕа буолбут, онно Саха уобалаһыгар автономияны биэрэр туһунан боппуруос көтөҕүллүбүт. Политбюро чилиэннэрин ыйытыыга Владимир Ленин ону кытта сөбүлэһэрин биллэрбит.
- 1923 — Саха сиринээҕи Ситэриилээх Киин кэмитиэт (ЯЦИК) бастакы сиэссийэтигэр Бэрэстээтэлинэн Былатыан Ойуунускайы талбыттар.
- 1925 — Дьоппуон Сэбиэскэй Сойууһу билиммит. Дьоппуон сэриилэрэ хотугу Сахалинтан таһаарыллыбыттар.
- 1928 — ЦИК «Саха АССР оройуоннааһынын принцибин туһунан» диэн уураах ылбыт. Түөрт степеннээх «өрөспүүбүлүкэ-уокурук-оройуон-нэһилиэк» салайыы систиэмэтин оннугар үс степеннээх «өрөспүүбүлүкэ-оройуон-нэһилиэк» систиэмэҕэ көһөргө ыйыллыбыт.
- 1930 — ОГПУ Хотугу хомуур этэрээтэ Күһүүр сэлиэнньэтин утарылаһыыта суох ылбыт.
- 2017 — Дональд Трамп бастакы бэрэсидьиэнниир күнүгэр АХШ 400-тэн тахса куоратыгар уонна 160+ атын дойдуларга Дьахталлар марштара ааспыт. Марш төрүөтүнэн Дональд Трамп дьахталлары утары этиилэрэ буолбуттар. Вашингтоҥҥа 200 000-тан тахса киһи уулуссаҕа тахсыбыт, оттон Америка бары куораттарыгар холбоон — 3,300,000–4,600,000 киһи.
Төрөөбүттэр:
- 1903 — Игорь Курчатов — физик-ядерщик, академик, сэбиэскэй атомнай бомба «аҕата».
- 1944 — Скрябин Василий Васильевич — Саха АССР бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, талааннаах салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- 1945 — Владимир Татаринов — ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Нам улууһун Ытык киһитэ.
- 1958 — Василий Горохов — 80-нус сыллар бүтүүлэриттэн 2016 сыллаахха диэри Усуйаана улууһун Силээннээх нэһилиэгин баһылыга.
Өлбүттэр:
- 1775 — Емельян Пугачев — Дон хаһааҕа, 1773—1775 сылларга Арассыыйаҕа ыраахтааҕыны утары бааһынай бастаанньатын салайааччыта. Петр III ыраахтааҕы тыыннаах үһү диэн сураҕы туһанан кини аатын ылына сылдьыбыта.
- 1793 — Людовик XVI — Франция хоруола, кини кэмигэр Франция Улуу Революцията саҕаламмыта. Гильотинаҕа өлөрүллүбүт.
- 1924 — Владимир Ленин (Ульянов) — аан дойдуга бастакы социализм дойдутун ССРС төрүттээччитэ, Арассыыйаҕа өрөбөлүүссүйэ тэрийэн былааһы ылбыт киһи.
This post was published on 21.01.2021 09:05 09:05