Тохсунньу 15 күнэ. 2001 сыллаахха "Бикипиэдьийэ" ситимҥэ тахсыбыт - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1582 — Ям-Запольскайдааҕы эйэлэһииУордаах Уйбаан ыраахтааҕылаах Нуучча саарыстыбата Ливонияны Речь Посполитаҕа биэрбит. Ливония 1558—1583 сыллардааҕы сэриитэ түмүктэниитин докумуоннарыттан биирдэстэрэ. Бу сэрии кэнниттэн онно сэриилэспит казаактар Ермак салалталаах Сибиири сэриилээһиҥҥэ кыттыбыттара.
  • 1759 — Лондоҥҥа аатырбыт баай кэллиэксийэлээх Британия түмэлэ аһыллыбыт.
  • 1889 — АХШ Атланта куоратыгар Coca-Cola хампаанньа бэлиэтэммит(регистрацияламмыт), ол саҕанааҕы аата Пембертон мэдиссиинэ хампаанньата диэн эбит.
  • 1892 — Джеймс Нейсмит диэн киһи баскетбол быраабылатын аан бастаан бэчээттээбит.
  • 1933 — Саха национальнай байыаннай учуулуссатын (ЯНВШ) 6 курсаана Дьокуускайтан Хабаровскайга дылы хайыһарынан аттаммыттар, ол күн сарсыарда салгын тэмпэрэтиирэтэ -55 °С турбут. Айан кистэлэҥ эбит. Хайыһардьыттар хотугу кыраайга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билээри айаннаабыттар. Хабаровскайга диэри 58 күн устата күҥҥэ ортотунан 45—59 км баран, кулун тутар 15 күнүгэр этэҥҥэ биэтэккэ тиийбиттэр. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
  • 1943 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй аармыйа Воронеж анныгар утары кимэн киириитин саҕалаабыт.
  • 1943 — АХШ-ка Пентагон диэн ааттаммыт Оборуона министиэристибэтин штаб-кыбартыырата аһыллыбыт.
  • 1969 — Сэбиэскэй Сойуус «Сойуус-5» хараабылы космоска көтүппүт.
  • 2001 — Бикипиэдьийэ ситимҥэ тахсыбыт.
  • 2020 — Япония былаастара дойдуга COVID-19 түбэлтэтин бигэргэппиттэр.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 15.01.2022 09:03 09:03