Суһал штаб тохсунньу 13 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр эбии 147 киһи сыстыганнаах дьаҥҥа хаптарда. Дьокуускайга – 88.
— Орто Халыма — 12,
— Хаҥалас — 10,
— Мииринэй, Нерюнгри — тоҕустуу,
— Горнай – 5,
— Дьааҥы, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас — түөртүү,
— Таатта — 2.
Ааспыт сууккаҕа 4184 тест оҥоһулунна.