Тохсунньу 11 күнэ. Эркээйи сирдэр уонна национальнай пааркалар күннэрэ - Бикипиэдьийэ

Арассыыйаҕа бастакы эркээйи сир (заповедник) — Баргузиннааҕы киис эркээйи сирэ 1917 сыллаахха тэриллибит.

Аан дойдуга бастакынан диабеты утары эми — инсулины 1922 сыллаахха 14 саастаах Канаада олохтооҕо Леонард Томпсон ылбыт.

20 сыллааҕыта бэйиэт, драматург суруйааччы Владимир Федоров уонна литературовед Иван Спиридонов акадьыамык дьупулуомун туппуттар. 

Бу күн дьүкээгир фольклорун, итэҕэлин чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата Людмила Жукова күн сирин көрбүт.


Тохсунньу 11 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 11-с күнэ. Сыл бүтүө 354 күн (ордук хонуктаах сылга 355 күн) баар.

Бэлиэ күннэр:

  • Арассыыйа — Эркээйи сирдэр (заповедниктар) уонна национальнай пааркалар күннэрэ
  • Албания — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1946).
  • Тунис — Оҕо күнэ[1].
  • Япония — Кагами-бираки (аһаҕас сиэркилэ) — Күн таҥарата сиэркилэ көмөтүнэн босхоломмут күнэ. Аныгы Японияҕа үтүө мөкүнү, сырдык хараҥаны кыайыытын бэлиэтиир.
  • АХШ — Дьонунан эргинии туһунан билии-көрүү күнэ.

Түбэлтэлэр:

Төрөөбүттэр:

This post was published on 11.01.2021 09:02 09:02