«Тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин бириинсибэ биллэрдик уларыйда. Бүтэһик сылларга улуустарга баһылыктар уонна оҥорон таһаарааччылар бэйэлэрэ үбүлээһин боломуочуйатын оройуоттар таһымнарыгар биэрии ордук табыгастаах буолуоҕун этэллэр. Бу хас биирдии оройуон, бэйэтигэр баар балаһыанньатын көрөн, боппуруоһу миэстэтигэр түргэн тэтимнээхтик быһаарарыгар туһалаах буолара өйдөнөр», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион салайааччыта эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатыгар бюджет дисциплината чөлүгэр түстэ, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга чуолкай хонтуруол систиэмэтэ олоҕурда, бу маны учуоттаан туран, улуустарга этиллибит көҕүлээһин өйөннө.
«Ил Түмэн сокуон барылын ылынна, онно этиллэринэн 14 көрүҥ оройуон таһымыгар бэрилиннэ. Ити эрээри оройуоттар харчыны ыллылар уонна ханна таптаабыттарынан туһаналлар диэн буолбатах. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэҥ сурук түһэрсиллэр, онно харчыны ороскуоттааһын сүрүн критерийдара хайысхаларынан суруллар», — диэтэ Айсен Николаев итиэннэ ороскуот күүскэ хонтуруолланыаҕа диэн эбэн эттэ.
This post was published on 03.12.2024 13:08 13:08