Тохсунньу 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэр үрдүөхтэрэ

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр социальнай төлөбүрдэр тохсунньу 1 күнүттэн 103,5 % үрдүөхтэрэ. Судаарыстыба көмөтүнэн 294 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо туһанар. Бу туһунан Бырабыыталыстыба мунньаҕар үлэ миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.


«Социальнай төлөбүрдэри индексациялааһыҥҥа бүддьүөттэн 138 мөл солкуобай көрүллүө. Үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр төлөбүрдэри, оҕо босуобуйаларын о.д.а. көмө харчыны өрөспүүбүлүкэ 294 665 олохтооҕо ылар», — диэтэ Елена Волкова.

This post was published on 29.12.2020 16:01 16:01