«Биһиги киинэ оҥоруутугар түмүгү таһаардыбыт. Сылын аайы ыытыллар куонкурус. Быйыл авторскай киинэ баар, историяны көрдөрөр уонна оҕо киинэтэ. Уопсайа 20 мөл солк көрүлүннэ. Саха кинематографията өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр киэҥник билиннэ. Россияҕа үс лидер иһигэр киирсэр. Бу таһымы тута сылдьыахтаахпыт», — диэтэ бырабыыталыстыба вице-премьера Сергей Местников.
«Слэшер» жанрга уһуллубут Илларион Яковлев «Силис» киинэтэ биир бастыҥынан ааттанна. Режиссер этэринэн, кэмиэдьийэ уонна детектив кыттыгастаах киинэ 2025 сыл алтынньытыгар улахан экраҥҥа тахсыаҕа.
«Грант ылыахпыт диэн күүппэтэхпит. Саха киинэтин хомуура 60 мөл солк таһынан буолуон баҕарабын. Киинэ улахан кыахтаах, нуучча тылынан саҥарар. 20 персонажтаах, бары бастакы былааҥҥа оонньууллар, онон устарбар ыарахаттардааҕа. Эдэр актердар улахан кастинг ааспыттара, онон саха киинэтигэр саҥа сирэйдэр тахсыахтара. «Слэшер» жанра, элбэх хаан баар буолуоҕа. Көрөөччүнү соһутуохпут дии саныыбын. Прокатка 2025 сыл алтынньытыгар тахсыаҕа. Киинэни Хаҥалас улууһугар устубуппут», — диэтэ Илларион Яковлев.
Субсидия ылбыт киинэлэр:
- «Оборчо» хайысхата «Авторское кино» (режиссердар Роман Дорофеев, Дмитрий Шадрин, Дмитрий Сулейманов);
- «Пентхаус» хайысхата «Совместное производство с российскими и зарубежными кинокомпаниями» (режиссер Степан Бурнашев);
- «Уйбааныс» хайысхата «Экранизация произведений якутской литературы» (режиссер Сергей Потапов);
- «Бүгүн — былыр 3» хайысхата «Детское кино»;
- «Ыһыах» хайысхата «Документальное кино» (режиссердар Семен Аманатов, Любовь Борисова, Михаил Лукачевский);
- «Святая искра Николая Неустроева» хайысхатаю «Документальное кино»;
- «Там, где танцуют стерхи», «Триумф» хайысхата «Продвижение фильмов на российские и международные кинофестивали, кинорынки»;
- «Силис» хайысхата «Авторское кино» (режиссер Илларион Яковлев);
- «Айдол» хайысхата «Дебютное кино» (режиссер Айаал Струкин).
This post was published on 17.12.2024 16:02 16:02